Олунньу 1 күнүгэр диэри биир кэлим эксээмэни туттарааччылар сайабылыанньаларын биэриэхтээхтэр
Быйыл биир кэлим эксээмэни туттарааччылар олунньу 1 күнүгэр диэри сайабалыанньаларын биэриэхтээхтэрин туһунан Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа иһитиннэрэр.
Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэр сайабылыанньаларын үөрэнэр оскуолаларыгар биэрэллэр, оттон дьиэҕэ олорон, ыраахтан (экстерны) үөрэнээччилэр – судаарыстыбаннай аккредитациялаах талбыт оскуолаларыгар.
Урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр үөрэх управлениетын эрэгийиэннээҕи уорганнара бигэргэппит сирдэригэр бэлиэтэнэллэр.
Сайабылыанньаны хайдах биэриэххэ сөбүй?
Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор бэйэлэрэ эбэтэр кинилэр төрөппүттэрэ (сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ) пааспардарын көрдөрөн эбэтэр боломуочуйалаах сирэйдэр пааспардарын уонна дэбиэринэскэ олоҕуран биэриэхтэрин сөп.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо психологтар, миэдиктэр, педагогтар хамыыһыйаларын түмүк докумуоннара эбэтэр бигэргэтиллибит докумуон куоппуйата ирдэнэр. Инбэлиит оҕолор уонна инбэлииттэр инбэлииккэ тахсыбыттарын туоһулуур ыспыраапкалара эбэтэр ол куоппуйатын көрдөрөллөр. Урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэртэн үөрэммиттэрин туһунан докумуон дьиҥнээҕэ (оригинал) эбэтэр бигэргэтиллибит тылбаастаах бигэргэтиллибит куоппуйата наада.
Быйылгы биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) сүрүн түһүмэх иннинээҕи түһүмэҕэ (досрочный период) кулун тутар 21 күнүттэн муус устар 21 күнүгэр диэри буолар. Сүрүн түһүмэх ыам ыйын 23 күнүттэн бэс ыйын 23 күнүгэр диэри ыытыллар. Эбии түһүмэҕи балаҕан ыйын 4-23 күннэригэр тэрийэллэр.
Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ: булгуччулаах биридимиэттэр – аттестат ылар туһугар нуучча тыла уонна математика.
Урукку сылларга бүтэрбиттэр: уустугурдуллубут (профильная) математикаҕа эрэ бэлиэтэниэхтэрин уонна судургутутуллубуту (базовая) талымыахтарын сөп. Онтон атын биридимиэттэри ханнык үрдүк үөрэххэ ирдэнэринэн талан туттараллар.
Бу туһунан Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: