Олунньу 1 күнүттэн 40-тан тахса төлөбүр уонна босуобуйа индексацияланара былааннанар
Олунньу 1 күнүттэн сыллата буоларын курдук төлөбүрдэри, босуобуйалары хаттаан ааҕыахтара (индексациялыахтара). Кэккэ төлөбүрдэри 11,9 % индексациялыыр былааннаахтар. Туһааннаах уураах бырайыагын уопсастыбаннай ырытыһыыга киллэрбиттэр диэн дойду Үлэҕэ министиэристибэтин саайтыгар иһитиннэрэллэр.
“Уопсайа, 40-тан тахса араас төлөбүрү, босуобуйаны уонна компенсацияны индексациялааһын былааннанар. Ол курдук, 11,9 % кэккэ төлөбүрдэр үрдүөхтэрэ: оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр биир кэмнээх босуобуйа, оҕону көрүү иһин ыйдааҕы босуобуйа, ийэ хапытаала, бэтэрээннэргэ ыйдааҕы харчынан төлөбүр, ыйдааҕы страховой төлөбүр уонна социальнай өйөбүл атын миэрэлэрэ”, — диэн РФ үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа миниистирэ Антон Котяков бэлиэтиир.
Холобур, бастакы оҕоҕо ийэ хапытаала 587 тыһ. солк. тиийэ үрдүөҕэ. Бу ааспыт сыллааҕар 62,5 тыһ. солк. элбэх. Иккис оҕоҕо ийэ хапытаала 775,6 тыһ. солк. буолуоҕа, бу 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ 82,5 тыһ. солк. элбэх.
Сыллата олунньу 1 күнүттэн ааспыт сыллааҕы сыанаттан көрөн, төлөбүрдэр, босуобуйалар уонна компенсациялар коэффициеннара оҥоһуллар.
Бу сылга индексация коэффициена 1,119 тэҥнэһэр. Дойду ыстатыыстыкатын чахчытынан, сыана индекса (2021 сыл ахсынньытыттан 2022 сыл ахсынньытыгар) 111,94 % буолбут. Онон кэккэ төлөбүрдэри, босуобуйалары уонна компенсациялары бу сылга 11,9 % индексациялыыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: