Бэҕэһээ бассаабынан Кэбээйи улууһун Мастаах уһуйаанын эркинин сыбаҕа таһыргыы-таһыргыы хоҥнон түһэр, көрөн турдахха хайыта барар видеота тарҕанан, элбэх киһини куттатта. Ити тахсыбыт түгэнинэн Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ официальнай иһитиннэрии оҥордо.
“Кэбээйи улууһун Мастаах сэлиэнньэтин уһуйаанын сэбиэдиссэйэ иһитиннэрбитинэн, 2024 сыл олунньу 19 күнүгэр киэһэ 21 ч. 42 м. 17-с нүөмэрдээх “Чуораанчык” уһуйаан киирэр аанын эркинэ хайа барда. Хайа барыы кээмэйэ 6 см. кэриҥэ курдук.
Бу тахсыбыт быһылаанынан дьиэни көрөн акт толордулар. Кэрийэн көрүү түмүгэр бөлөхтөргө саҥа хайдыы бэлиэтэммэтэх. Хамыыһыйа 2024 сыл олунньу 20 күнүттэн сиһилии быһаарыллыар диэри уһуйааҥҥа үөрэх хаамыытын тохтоторго быһаарда.
Эбэн эттэххэ, уһуйаан дьиэтэ 2017 сыллаахха “Сахам сирэ XXI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын иитинэн тутуллубута. Сакаасчытынан муниципальнай оройуон буолар. Дьиэ этээһэ суох, таас тутуу, акылаата турба.
Улуус дьаһалтатын иһитиннэриитинэн, олунньу 21 күнүгэр, Мастаах сэлиэнньэтигэр улуус хамыыһыйата уонна борокуруор тиийэрэ былааннанар.
Уһуйааҥҥа үөрэх хаамыыта тохтоото. Хамыыһыйа уһуйааны көрөрүн таһынан, үөрэх хаамыытын атын дьиэҕэ көһөрөн салгыыр туһунан боппуруоһу көрүөҕэ” – диэн суруйар.
Итини сэргэ, эбийиэк тиэхиньиичэскэй туругун анал тэрилтэ ЯкутПНИИС чинчийэригэр улуус сайаапка биэрбитин, чинчийиини ыытыы уонна түмүгү биэрии болдьоҕо 45 күҥҥэ тэҥнэһэрин эбэн этэллэр. ЯкутПНИИС түмүгэр олоҕуран, дьиэни бөҕөргөтөр ирдэнэрин дуу эбэтэр эбийиэк салгыы туһаныллар кыаҕа суоҕун дуу туһунан быһаарыы ылыныллыаҕа диэн министиэристибэ иһитиннэрэр. Видео бассааптан* (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) ылылынна.
(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…
Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…