Олунньу 29 күнүгэр тугу гынар көҥүллэммэтий?

Олунньу 29 күнүгэр тугу гынар көҥүллэммэтий?

28.02.2024, 13:00
Бөлөххө киир:

Атын сыллартан бу сылга олунньу ыйа ордук биир күннээх түбэһэр. Ол аата сарсын олунньу 29 күнэ үүнүөҕэ. Бу күнү кытта норуокка элбэх быраабыла уонна итэҕэйии баар.

Олунньу 29 күнэ норуокка Касьянов күнэ диэн ааттанар. Илин славяннар итэҕэллэринэн, бу күн сылга биир саамай кутталлаах күнүнэн ааҕыллар. Дьон-сэргэ бу күнү кытта сыһыаннаах барыта табыллыбат сибээстээҕинэн итэҕэйэллэр. Сорох бобуулар сылы быһа тарҕаналлар, холобур, олунньу 29 күнүгэр ыал буолар эбэтэр арахсар сатаммат, кыбартыыраны атыылаһартан эбэтэр дьиэ кыылын иитэ ылартан, саҥа үлэҕэ тахсартан туттунарга сүбэлииллэр. Чахчытыгар барытыгар итэҕэйэр эмиэ табыллыбат, ол эрээри эһиэхэ анаан бу күнү кытта сибээстээх норуокка ылыныллыбыт хас да быраабыланы хомуйдубут.

Олунньу 29 күнүгэр хаар түстэҕинэ, туманырдаҕына бу сайын үчүгэй үүнүүнү күүтүҥ диэн инники ыйдары сылыктыахха сөп. Бу күн тугу түһээбитин барыта туолар чинчилээ дииллэр. Туора дьону хонукка киллэримэҥ – доҕотторгутун, эмискэ ааҥнаан кэлбит аймахтаргытын кытта көрсөртөн туттунуҥ. Ыалдьыттар атын күҥҥэ кэлэллэрэ ордук – бу быраабыла кэһилиннэҕинэ, дьиэлээх хаһаайыттар ыалдьар сибикилэнэллэр. Уустук соруктары ситиһэртэн акаастаныҥ, уопсайынан өбүгэлэр бу күн ханнык баҕарар үлэни тохтоторго сүбэлииллэр. Ол иһин дьиҥ кыаллар эрэ дьыаланы оҥоруҥ, төбөҕүтүттэн өрө ыстанымаҥ.

Арай олунньу 29 күнэ атын омуктарга куһаҕан күнүнэн ааҕыллыбат. Холобур, тас дойдуларга бу күн дьахтар таптыы көрөн, талбыт киһитигэр ыал буоларга этии оҥоруон сөп, оччотугар эр киһи аккаастанар бырааба суох.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: