Сыл аайы араагынан ыалдьыы элбээн иһэринэн, ыарыыны сэрэтии миэрэлэрэ олус суолталаахтар уонна наадалаахтар. Онон, ыарыыны эрдэттэн эмтэнии туһалаах.
Арассыыйаҕа искэн ыарыытын аҕыйатарга аналлаах ыарыыны утары охсуһар бырайыак үлэлиир. Бырайыак чэрчитинэн Арассыыйаҕа барытыгар онкологияҕа амбулатория киинннэрэ, искэн ыарыылаахтарга көмөлөһөр мэдиссиинискэй тэрилтэлэр аһыллаллар уонна аныгы тэриллэринэн, препараттарынан сэбилэнэллэр. Ыарыыны сөпкө быһаарарга эрэ буолбакка, хас биирдии ыарыһаҕы уратытык эмтииргэ референс-кииннэр үлэлииллэр.
Онкология ыарыыларын утары охсуһуу көдьүүстээх буоларыгар нэһилиэнньэ билиитэ-көрүүтэ улахан оруоллаах. Онколог-быраастар этэллэринэн, Саха сиригэр араас үс көрүҥэ: тыҥа, эмиий уонна быар элбэх. Саха сирин онкологтара Блохин аатынан Научнай-чинчийэр институту кытта кыраай ураты кыһалҕаларын үөрэтэргэ, ону таһынан ыарыыны сэрэтэр уонна эмтиир саҥа ньымалары туһанарга бииргэ үлэлииллэр.
Исписэлиистэр ыарыыны сэрэтэргэ маннык судургу быраабылалары билэргэ уонна туһанарга сүбэлииллэр:
-Сөптөөх аһылык – сууккаҕа 500 гыраамҥа тиийэ оҕуруот аһын уонна фруктаны сиэһин организмы үүнээйи клетчаткатынан, битэмиининэн уонна искэн дьайыытын утарсар биэсэстибэлэринэн (саһархайдыҥы-кыһыл оҕуруот аһа уонна фрукта, хаппыыста, ордук брокколи, өҥнөөх, брюссельскай хаппыыста, луук, чеснок) хааччыйар.
-Биллэ элбэх канцерогеннаах ыыһаммыт, ыһаарыламмыт уонна консервированнай бородууктаны аҕыйатыы.
-Симэһинигэр, буспут уонна паарга буһарыллыбыт аһылык ордук.
-Табахтан уонна арыгыттан аккаастаныы. Табах уонна арыгы буортутун туһунан бары кэриэтэ билэллэр. Ол да буоллар, син биир табах тардаллар уонна арыгыны иһэллэр. Табах да, арыгы да бэйэни өлөрүнүүгэ күүстээх дьайыылаах.
-Күн дьайыытын хааччахтааһын. Чуолаан хотугу эргимтэҕэ олорор дьон: оҕолор, обургу оҕолор күн сыралҕаныгар сэрэхтээх буолалларыгар сүбэлииллэр. Ордук эбири, мэҥи күн сардаҥатыттан харыстыахха наада. Тоҕо диэтэххэ, күүскэ салгыҥҥа сиэтии (загар) түмүгэр бээтинэлэр искэҥҥэ кубулуйуохтарын сөп. Солярийга сиэтэр эмиэ кутталлаах. Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ ускуустубаннай күҥҥэ сиэтиини тирии араагар кутталлааҕынан быһаарар. 30 сааһыттан солярийга сылдьан саҕалаабыт дьоҥҥо араак ыарыыта 75 бырыһыан элбэхтик сайдар.
— Эти-хааны сайыннарыынан тиһигин быспакка дьарыктаныы уойууну сэрэтэр, онон араак сайдар кутталын эмиэ кыччатар. Эт-сиин ноҕурууската суон оһоҕос араага үөскүүр кутталын 50% намтатар. Дьахталлар менопауза кэнниттэн күн аайы 30 мүнүүтэ хаамаллара эмиий араагын кутталын 20%, онтон сөптөөх ыйааһыннаах дьахталларга 37 бырыһыан аҕыйатар.
— Стресс, санаа тууйуллуута. Киһи олоҕор санаа тууйуллар, кэхтиигэ киирэр турук уонна искэн үөскээһинэ сибээстээхтэрэ быһаарыллыбыт. Биллэрин курдук, инникигэ эрэнии, сырдык санаа организмы бөҕөргөтөр, онтон дьол олоҕу уһатар.
— Искэн тахсыан иннинээҕи ыарыылары (куртах уонна синньигэс оһоҕос бааһа, полиптар, кисталар, хайа барыылар, эрозиялар уо.д.а) сэрэтии — араагы сэрэтии дьаһалларыттан биир суолталаахтара. Чуолаан, ити сыалы-соругу тутуһан мэдиссиинискэй чинчийиилэр ыытыллаллар.
— Чөл олох, доруобай аһылык, буортулаах дьаллыктартан аккаастаныы, эти-сиини эрчийии, ыарыыны сэрэтэр чинчийиилэргэ сылдьыы араагынан ыалдьар кутталы аҕыйаталлар. Организмҥытыгар туох эмэ уларыйыы баарын уонна туруккут мөлтөөн эрэрин биллигит да, бэйэҕит эмтэнимэҥ эбэтэр “бэйэтэ ааһыа” диэн күүтүмэҥ, булгуччу бырааска көрдөрүнүҥ.
Ыарыыны эмтиирдээҕэр сэрэтэр ордугун умнумаҥ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…