Олунньу – Одун Хаан ыйа

Share

Олунньу 1 күнэ – дьыл (кыһын) оройо. Күһүҥҥү Бокуруоптан 110 хонук, оттон сааскы Ньукуолуҥҥа диэри эмиэ 110 хонук ааҕыллар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстык кэмҥэ бэлэмнэммит ас-үөл аҥаара сиэниллэр. Бу күн хаһаастарын, отторун кэмнииллэрэ. Хаһаас ас, от лоп курдук аҥаара хаалбыт буоллаҕына, сылы үчүгэйдик туоруохха сөп.

Бу күн хайдаҕый да, ый бүтүүтэ эмиэ оннук буолар. Былыта суох ылааҥы күн – саас эрдэлээн кэлэр.

Олунньуга күн лаппа уһуур, күнүһүн чаҕылхайдык тыгар, дьыбар тахсар. Ол да буоллар, уларыйа сылдьар, тохсунньу курдук томороон тымныылаах, эмиэ да кулун тутар курдук ылааҥы күннээх. Элбэхтик хаардыыр да, тыалырар да. Олунньуну атырдьах ыйа батыһар – олунньу тымныы уонна хаара суох буоллаҕына, атырдьах ыйа итии буолар.
Өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн, бу ый саҥатыгар тойон кыыл дойдутугар кэлэн уйатын хаардаан барар үһү. Бөрө үөрдүүр, ханыытын булсар. Ыалларга ынах төрөөн барар, үрүҥ ас дэлэйэр. Мантан саас күн-дьыл түргэнник барар.

Олунньу ыйга сырдык саҥа элбээн иһэр. Тымныы тосто илик. Бу кэмҥэ ас иҥэмтиэтэ аҕыйаан,киһи этэ-сиинэ мөлтүүр.Онон бу ыйга дьаҥ тарҕанар. Дьон ыарыыны утары өйдөрүн-санааларын күүһүнэн охсуһаллар. Тыл суолтата улаатар. Олоҥхону,остуоруйаны,кэпсээни истии дэлэйэр. Үөрэни элбэхтик сииллэр.

Ый ортотун эргин дьыбар тахсар, былыт кэлэр. Көмнөҕү түһэрэр уонна күнү көтөҕөр диэн икки тыаллаах. Сааскы тибии саҕаланар. Кэлэр ыйдыын барыта холбоон тоҕус тибии буоллаҕына, өҥ сылы күүтэллэр. Бу ыйга тыһы эһэ арҕаҕар төрүүр. Тураах уйа туттан саҕалыыр. Сыл устатын тухары олунньуга эрэ ый туолуута бэлиэтэммэт.  Сыл саамай кылгас ыйа 28 күннээх. Түөртүү сыл буола-буола олунньу биир чорбохтонон 29 күннэнэр.

Одун Хаан ыйа
Одун Хаан олунньуга сиргэ чугаһыыр, киһиэхэ сүрү биэрэр. Сүр диэн олоҕу тутар, олох олорор күүс. Итини киһи айылҕаттан ылар. Одун ыйыгар өбүгэлэрбит сүрү күүһүрдэр алгыс этинэллэрэ. Тыл күүһүн итэҕэйэр, алгыһы ылынар киһиэхэ алгыс күүһэ хайаан да тиийэр.

Одун Хаан ахсыс халлаан айыыта буолар. Кини орто дойду буор кута буолар. Одун – төрүт буор кут. Халлаан эттиктэрин, киһи бодотун Одун үөскэппит. Одун Хаан  дьылҕаны оҥорор эбит. Уратылара: Дьылҕа Хаан суолтата – билиини таһаарыы, оттон Одун Хаан дьылҕа дьиҥнээҕин оҥорор.

Олунньуну Хомуһун ыйа диэн эмиэ ааттыыллар. Ол эбэтэр этэр тыл ис чиҥэ, иччитэ, күүһэ. Этэр тыл иччилээх, күүстээх. Бу ыйга тыл ис күүһүн туһанар анал кэм. Ол иһин олунньу 13 күнүгэр Ийэ тыл, сурук-бичик күнэ бэлэтэнэр. Тыл хомуһуна тиллэн, былыр кыһыны аралдьытан, олоҥхо истэллэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

11 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

12 часов ago