Олунньуга эбии индексацияламмыт биэнсийэ төлөбүрэ түһүөҕэ
26.01.2025, 09:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Биэнсийэлээхтэр олунньу ыйга эбии индексацияламмыт төлөбүрдэри ылыахтара.
Бу сыл тохсунньутугар биэнсийэ төлөбүрүн кэмээйин эрдэ суоттаммыт инфляцияҕа сөп түбэһиннэрэн 7,3%-нан үрдээбитэ. Ол эрээри сыана 9,5%-нан биллэрдик үрдээн, Бэрэсидьиэн быһаарыытынан олунньу ыйга биэнсийэни эбии индексациялыахтара. Социальнай пуонда иһитиннэрэринэн, олунньуга үрдээбит биэнсийэ төлөбүрүн эрэ буолбакка, тохсунньу ыйга 2,2%-нан индексацияламмыт эбии төлөбүрү ылыахтара. Социальнай пуонда бу үрдэтиини олоххо киллэриигэ наадалаах дьаһаллары ыытыыны суһаллык түмүктээтэ. Бары төлөбүрдэр автоматическайдык ааҕыллыахтара, онон сайабылыанньа суруйар ирдэммэт.
+1
20
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: