Олунньуга элбэх кыбартыыралаах 12 дьиэ үлэҕэ киллэриллиэ

Share

Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата Арассыыйаҕа саамай тэтимнээх диэтэххэ, сыыһа буолбат. 2023 сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ рекорд оҥоһуллубута — 705 тыһыынча кв.м. иэннээх олорор дьиэ тутуллан киирбитэ. Бу бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит бырагыраамаларынан олоххо киирэр.

2019-2025 сылларга барыта 61 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрөр, 1,1 мөл. кв.м. иэннээх хаарбах дьиэни көтүрэр былаан баар.  Арассыыйаны ылан көрдөххө, бу бүтүн дойду былааныттан 10%-нын ылар. Онтон бу кэм устата хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан элбэх кыбартыыралаах 186 дьиэ тутуллан киирбитэ.

2024 сыл олунньутугар элбэх кыбартыыралаах 12 дьиэ үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар. Дьэ, ханнык улуустарга тутуллубуттарый?

  • Нерюнгригэ Улахан Хатыми бөһүөлэгэр — 38 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Сунтаар Уустуйатыгар — 30 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Томпоҕо Теплый ключ сэлиэнньэтигэр — 16 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Тумулга — 24 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Чурапчы сэлиэнньэтигэр — элбэх кыбартыыралаах дьиэ.
  • Майаҕа — 40 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Зырянкаҕа — 45 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Сунтаар сэлиэнньэтигэр — 41 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Нам сэлиэнньэтигэр — 31 кыбартыыралаах дьиэ.
  • Өлүөхүмэҕэ — Гагарин, Набережнай уулуссаларга үс элбэх кыбартыыралаах дьиэ.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…

26 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нумеролог билгэтэ: Гороскоп 2025 сылга тугу кэпсиирий?

Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…

57 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

2 часа ago