Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Күммүт уһаабыта номнуо биллэр. Күнүһүн күн тыган ылара саас иһэрин биллэрэр. Ол эрээри, Тымныы оҕуһун муостара өссө да тосто иликтэр.
Олунньу 1 күнэ – ыраас буоллаҕына, саас эрдэ кэлэр.
Олунньу 2 күнэ – күн аҥаара күннэннэҕинэ саас эрдэ кэлэр. Күн иккис аҥаарыттан буурҕа түстэҕинэ, муус устар 17 күнүгэр диэри тибиилээх күн-дьыл кэлиэ.
Олунньу 6 күнэ – тэлгэһэҥ хайдаҕый да, саас оннук кэлэр.
Олунньу 10 күнэ – хайах хостуур таҥара күнэ. Бу күн тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.
Олунньу 14 күнэ – түүн халлааҥҥа сулустар дьиримнии оонньоотохторуна, сааскыта хойутуур.
Олунньу 15 күнэ – Эстириэҥкэй. Тымныы лаппа сымныыр. Кыһын сааһы көрсөр, сарайга таммах чопчута тоҥор.
Олунньу 12 күнэ – тымныы оҕуһун биир муоһа тостор.
Олунньу 24 күнэ – тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор, улахан тымныылар бүтэллэр.
Олунньу 28 күнэ – ый туолуута. Бу ый кыыллар сыбаайба оонньуур, тэринэр кэмнэрэ. Тэҥкэ ойуурга ымыы чыыычаах мустар. Күөлгэ куйуурдьуттар күһүҥҥү бэлиэлэринэн сирдэтэн куйуурдууллар.
Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ хоту, хотугулуу-илин өттүгэр кыралаан ардыыр, сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах,…
“Спортивные якутяне” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын волейбол көрүҥэр күрэхтэһии бүгүҥҥүнэн бүттэ. Кыргыттарга Дьокуускай хамаандата бастаата, Чурапчы…
Бүгүн Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр бибилэтиэкэҕэ тапталлаах бэйиэппит Александр Пушкиҥҥа анаммыт сыл аайы ыытыллар “Аллаиха…
Сарсын, бэс ыйын 7 күнүгэр, кэрэ айылҕалаах Кэҥкэмэ үрэх биэрэгэр эбэҥки норуота үгэс буолбут сайыҥҥы…
Куһу-хааһы бултааһын, сиргэ-уокка сылдьыы бэрээдэги ирдиир. Онон муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр…
Бэс ыйын 6-8 күннэригэр самаан сайыны уруйдуу Бүлүүлүүр аартыкка Кэҥкэмэ үрэх таһыгар “Бакалдын-2025” эбэҥкилэр үгэс…