Олунньуга күнү-дьылы билгэлиибит

Share

Олунньуга номнуо үктэннибит. Күммүт уһаабыта, хойукка диэри сырдыга, күнүһүн күн тыган ааһара күүтүүлээх-кэтэһиилээх саас иһэрин туоһулуур. Ол эрээри, кыһын үһүс кэрдииһигэр үктэнэбит (олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр диэри). Олунньуга бу билгэлэри кэтээн көрүҥ эрэ.

Олунньу 1 күнэ – күн күннэннэҕинэ, үүммүт ый тымныы буолар. Халлаан ыраас буоллаҕына саас эрдэ кэлэр. Күн иккис аҥара буурҕаланнаҕына муус устар 17 күнүгэр диэри тибиилэнэр.

Олунньу 2 күнэ – тахсыбыт ый дьиэлэннэҕинэ, сайыҥҥы үүнүү мөлтөх.

Олунньу 6 күнэ – тиэргэниҥ хайдаҕый да, саас оннук буолар.

Олунньу 10 күнэ – өскөтө тыалырдаҕына ардахтаах сайын буолар.

Олунньу 12 күнэ – тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор.

Олунньу 14 күнэ – түүнүн халлааҥҥа сулустар дьиримнии оонньоотохторуна саас хойутуур.

Олунньу 15 күнэ – тымныы лаппа сымныыр, кыһын сааһы көрсөр. Сарайга таммах чопчута үөскүүр.

Олунньу 24 күнэ – тымныы оҕуһун баһа быстар, улахан тымныылар бүтэллэр, 44 дьыбар хаалар.

Олунньу 28 күнэ – ый туолуута. Бу ый кыыллар сыбаайба оонньуур кэмнэрэ. Тэҥкэҕэ ымыы чыычаах мустар. Куйуурдууллар. Эһэ арҕаҕар биир эбэтэр икки оҕону төрөтөр. Көмнөҕү түһэрэр тыал түһэр.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сымыйа харчынан бырайыаһын төлөөбүт итиэннэ дьон малын уорбут киһи сууттанна

СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, былырыын бэс ыйыгар  33 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тиэргэҥҥэ турар  «КАМАЗ-5410» массыынаттан…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олорор дьиэлэри 100% ититии ситимигэр холбоотулар

Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ сылааһы биэрии 100% хааччылынна. Бу туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владислав…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Чурапчыга Иван Лебедев “История на холсте” диэн быыстапката аһылынна

Хоту көһөрүллүү күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Чурапчыга “Айылгы” НАДь фойетыгар  Саха сиригэр соҕотох баталист-худуоһунньук Иван…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сайсары күөлгэ эр киһи тимирбит

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр  21.15 ч. Дьокуускай куоракка Сайсары күөлгэ   2000…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Амма сэлиэнньэтигэр таба киирэн соһутта

Амма сэлиэнньэтигэр Мир уулуссаҕа таба киирэн олохтоохтору соһутта. Туһааннаах видео бу күннэргэ социальнай ситиминэн тарҕанна.

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Путь воина»: Бэҕэһээҥҥи күн түмүгүнэн «Соболь» хамаанда кыайыыны ситистэ

"Путь воина" байыаннай-тактическай күрэхтэһиигэ бэҕэһээ Волгоградскай уобалас «Сталинград» уонна Тюменьскай уобалас «Соболь» хамаандалара күөн көрүстүлэр.…

2 часа ago