Олунньуга номнуо үктэннибит. Күммүт уһаабыта, хойукка диэри сырдыга, күнүһүн күн тыган ааһара күүтүүлээх-кэтэһиилээх саас иһэрин туоһулуур. Ол эрээри, кыһын үһүс кэрдииһигэр үктэнэбит (олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр диэри). Олунньуга бу билгэлэри кэтээн көрүҥ эрэ.
Олунньу 1 күнэ – күн күннэннэҕинэ, үүммүт ый тымныы буолар. Халлаан ыраас буоллаҕына саас эрдэ кэлэр. Күн иккис аҥара буурҕаланнаҕына муус устар 17 күнүгэр диэри тибиилэнэр.
Олунньу 2 күнэ – тахсыбыт ый дьиэлэннэҕинэ, сайыҥҥы үүнүү мөлтөх.
Олунньу 6 күнэ – тиэргэниҥ хайдаҕый да, саас оннук буолар.
Олунньу 10 күнэ – өскөтө тыалырдаҕына ардахтаах сайын буолар.
Олунньу 12 күнэ – тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор.
Олунньу 14 күнэ – түүнүн халлааҥҥа сулустар дьиримнии оонньоотохторуна саас хойутуур.
Олунньу 15 күнэ – тымныы лаппа сымныыр, кыһын сааһы көрсөр. Сарайга таммах чопчута үөскүүр.
Олунньу 24 күнэ – тымныы оҕуһун баһа быстар, улахан тымныылар бүтэллэр, 44 дьыбар хаалар.
Олунньу 28 күнэ – ый туолуута. Бу ый кыыллар сыбаайба оонньуур кэмнэрэ. Тэҥкэҕэ ымыы чыычаах мустар. Куйуурдууллар. Эһэ арҕаҕар биир эбэтэр икки оҕону төрөтөр. Көмнөҕү түһэрэр тыал түһэр.
Ыам ыйын 19 күнүгэр сарсыарда 08.35 чааска Дьокуускай куорат Капитоновка сэлиэнньэтин чугас арыыга икки булчут…
Ыам ыйын 20 күнүттэн Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ. Бүгүн Ил Дархан Айсен…
Бүгүн, ыам ыйын 20 күнүттэн, “Туймаада ыһыаҕа-2024” национальнай бырааһынньык официальнай саайтыгар балаакка куоратыгар сайаапкалары ылыы…
Үөрэххэ уларытыы-тэлэритии, саҥаны киллэрии сыллата барар. Кэлин онтон соһуйбат, олох хаамыытын быһыытынан ылынар буоллубут. Быйылгы…
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов бүгүн, ыам ыйын 20 күнүгэр, 1200 №-дээх "О запрете розничной…
Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга гуманитарнай көмө күннэтэ ыытыллар диэн…