Салгыы
Олунньуттан Ийэ хапытаала, босуобуйалар, төлөбүрдэр 5,6% үрдүөхтэрэ

Олунньуттан Ийэ хапытаала, босуобуйалар, төлөбүрдэр 5,6% үрдүөхтэрэ

28.01.2026, 17:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Олунньуттан Социальнай пуонда бэтэрээннэргэ, инбэлииттэргэ, о.д.а. чэпчэтиилээх категориялаах дьоҥҥо биэнсийэлэрин үрдэтиэҕэ. Барыта 40-тан тахса босуобуйалар, төлөбүрдэр 5,6% үрдүөхтэрэ. 

Бу үрдээһин ый аайы бэриллэр төлөбүрдэргэ  уонна социальнай өҥөлөр нобуордарыгар (НСУ), радиацияттан эмсэҕэлээбит дьону өйүүр миэрэлэргэ сыһыаннаах. Сайабылыанньа суруйар ирдэммэт.

Маны тэҥэ, 2026 сылга страховой биэнсийэ, Ийэ хапытаала, барыта 40-тан тахса социальнай босуобуйалар, төлөбүрдэр 5,6%-нан үрдүүллэр. Арассыыйаҕа страховой биэнсийэ  индексацияланан, тохсунньуга 38 мөлүйүөн киһиэхэ  7,6%-нан үрдээбитэ.

Ийэ хапытаалын суумата олунньуттан  38,6 тыһыынча солкуобайынан эбиллэн, 728 921 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ийэ хапытаалын ылбыт эрээри, иккис оҕолоро төрөөбүт ыал 234 321 солкуобайы ылаллар. Онтон Ийэ хапытаалын ыла илик эрээри, иккис оҕолоро төрөөбүт ыал 963 243 солкуобайы ылыахтара (51 тыһыынча солкуобайынан үрдүүр).

Оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр босуобуйа 28,5 тыһыынча солкуобайга, Үлэ Дьоруойдарыгар уонна Дьоруой Ийэлэргэ бэриллэр төлөбүр 76,5 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Олунньуга федеральнай чэпчэтиилээх дьоҥҥо (инбэлииттэргэ, сэрии бэтэрээннэригэр, өлбүт байыаннайдар төрөппүттэригэр, огдооболоругар, инбэлиит-оҕолорго, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр, судаарыстыба иннигэр ураты үтүөлээх дьоҥҥо) ыйдааҕы харчынан төлөбүр (ЕДВ) индексацияланыаҕа.

 

Бары сонуннар
Салгыы
28 января
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: