Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Олунньу 1 күнүттэн федеральнай социальнай төлөбүрдэр 11,9 % үрдүөхтэрэ. Ол иһигэр Ийэ хапытаала, доруобуйаларынан хааччахтаах, дьон, бэтэрээннэр, Арассыыйа дьоруойдара ылар төлөбүрдэрэ, ону сэргэ оҕолоох ыал судаарыстыбаттан ылар көмөлөрө эмиэ улаатыаҕа.
Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕар премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата. Ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо билигин 524,5 тыһыынча буоллаҕына, олунньуттан 586,9 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Оттон иккис уонна онтон кэлэр оҕолорго 693,1 тыһыынчаттан 775,6 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыаҕа. Оҕо төрөөбүтүгэр эбэтэр оҕону иитэ ылыыга көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр 22,9 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
— РФ бэрэсидьиэнин дьаһалынан олунньуттан социальнай төлөбүрдэр 12 бырыһыан үрдүөхтэрэ. Бу үрдэтии федеральнай бүддьүөккэ көрүллэн турар. Социальнай төлөбүрдэр бырабыыталыстыба тус хонтуруолугар сылдьаллар, — диэн иһитиннэрэр бырабыыталыстыба бэҕэһээҥҥи мунньаҕар премьер-миниистир Михаил Мишустин.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…