Олунньуттан үлэтэ суохтарга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдүө
30.01.2025, 20:15
Бөдөҥ сууманы кумааҕы
харчыга уларытыма.
Бөлөххө киир:
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса буолуоҕа.
Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ити курдук, босуобуйа кээмэйэ инфляция таһымыгар сөп түбэһиннэрэн ааҕыллыаҕа. Ону таһынан олунньу 1 күнүттэн 40-тан тахса социальнай төлөбүрдэр уонна босуобуйалар 9,5%-нан индексацияланыахтара.
Маннык уураахха илии баттаабытын туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта ыыппыт сүбэ мунньаҕар иһитиннэрдэ.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: