«Саха» НКИХ ханаалыгар кулун тутар саҥатыттан 16 сиэрийэлээх «Омоон суоллар» сэрийээл бу киэһэ түмүгүн көрүөхпүт.
Кэнники киинэлэртэн «Харчы» кэнниттэн бу сэрийээл дьон интэриэһин тоҕо тарта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Онон киинэбитин тугунан бүтэрин кэтэһэ олорон, «Саха» НКИХ сэрийээллэри оҥорон таһаарар сулууспатын салайааччыта Марфа Пермякованы уонна сэрийээл режиссера Радомир Томскайы кытта кэпсэтиибин сэргээҥ.
— Киинэни ааспыт сылга атырдьах ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр устубуппут. Киинэ сүрүн уратыта — артыыс эйгэтигэр олох сыһыана суох олохтоох дьон уһуллуулара. Анал идэлээх артыыстарбыт: киинэ сүрүн дьоруойа, учаастактааҕы полиция үлэһитин оруолун Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр артыыһа Ньургун Черов, кини ийэтин оруолун СӨ үтүөлээх артыыската Мария Данилова уонна аҕатын Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Михайлов, Саргы эдьиийин СӨ үтүөлээх артыыһа Елизавета Потапова итэҕитиилээхтик толордулар. Киинэ режиссера — өрөспүүбүлүкэ үгүс улахан спортивнай тэрээһиннэрин туруорар режиссер Радомир Томскай. Бу кини киинэ эйгэтигэр бастакы холонуута. Сэрийээл сынаарыйын Октябрина Шестакова суруйбута. Кини бу 4-с киинэтэ. Ньургун Черов биһиги иккис киинэбитигэр оонньуур. Көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, уоппускатыгар сылдьар буолан, сөбүлэспитэ. «Сүрүн дьоруойбутугар таба тайанныбыт» диэн үөрэбит. Аатын уларытыахпытын баҕарбыппыт.
Бэйэтин аата Ньургун, бастакы уһуллубут киинэтигэр — Ньургун, бу киинэҕэ эмиэ Ньургун. Онуоха артыыс «чэ, Ньургун да буолуум…» диэбитигэр сөбүлэспиппит.
Махталбытын Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назароваҕа тиэрдэбит.
Кини киинэ устарбытыгар бэртээхэй усулуобуйаны тэрийбитэ. Ол курдук, артыыстарбыт сорохторун, устар бөлөҕү спортивнай оскуола интэринээтигэр олордон, аһатан, утутан, үлэлииргэ толору усулуобуйа баара. Сценарийы кытта билсэн баран, Дария Ивановна дьонун билэр киһи быһыытынан «бу оруолга кини барсыан сөп» диэн бэйэтэ кэпсэтэн аҕалтаабыта.
Устар бөлөҕү уонна артыыстары кытта режиссер Радомир Томскай бэйэтэ түүннэри-күнүстэри үлэлээбитэ, — диэн кэпсээтэ Марфа Пермякова.
Өймөкөөн улууһун Томторуттан төрүттээх, кырдьаҕас Тарын нэһилиэгиттэн тардыылаах Өймөкөөн аатырбыт 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын сыдьаана Радомир Томскай уус-уран киинэҕэ режиссер быһыытынан бастакы холонуута. Кини киинэ хайдах уһуллубутун кэпсиирэ киһи болҕомтотун тардар:
— Бу киинэни устарга салалтам «боруобаланан көр» диэн этии киллэрбитэ. Успуорт эрэ тиэмэтигэр үлэлиир буолан, бастаан утаа сэрэммитим. Ол эрээри сценарийы кытта билсээт, сөбүлээбитим уонна тута ылсыбытым. Киинэ бастакы аата «Биһиэхэ, дэриэбинэҕэ…» диэн этэ.
«Омоон суоллар» диэн кэлин ааттаммыта. Биир ыйы быһа биир да өрөбүлэ суох түүн кытта үлэлиир этибит. Бириэмэ оннук ыгым этэ — балаҕан ыйын 1 күнүгэр үөрэх дьыла саҕаланыытыгар олорор интэринээппитин туттарыахтаах этибит. Ол иһин анал кыраапык оҥорон, ону кытаанахтык тутуһуу этэ. Киинэҕэ 35 оруол оонньонно.
Бу оруолларбытыгар киһи тиийбэккэ ыксата сылдьыбыт түгэннэрэ бааллара. Идэтийбит артыыстары кытта үлэлиир судургу эбит буоллаҕына, тыа сирин дьонун кытта үлэлиир уустуктардаах.
Учууталлар оруолларыгар түргэнник киирэллэр эбит. Сэрийээли устууга, нууччалыы эттэххэ, «текстовая нагрузка» диэн баар. Тылын үөрэтииттэн киинэ ис хоһооно наһаа улахан суолталаах. Учууталлар эппиэтинэстээх буоланнар, тылларын нойосуус үөрэтэн кэлэллэр. Элбэх оҕону үөрэтэр дьон буолан, дьон иннигэр тутта-хапта сылдьарга да үөрүйэхтэр. Ол курдук, киинэбитигэр түөрт учуутал оонньоото. Түгэнинэн туһанан, мин учуутал идэлээх дьону сэрийээллэргэ уһулларга ыҥырыам этэ. Ыҥырыыбын аахтахтарына, үгүс учуутал кэлиэ диэн эрэнэбин. Холобура, сүрүн дьоруой Саргы оруолун IT-оскуола учуутала, кылаас салайааччыта Туяра Эверстова оонньоото. Кини саҥарар тыла наһаа элбэх, ону ол диэбэккэ, ноҕоруусканы бэркэ уйда. Бокайы (кутургуйалаах уол) Михаил Самсонов (история учуутала), социальнай үлэһити (дьаһалта исписэлииһэ) Ньургустаана Дмитриева оонньоотулар. Бу эмиэ иккиэн учууталлар. Сачоканы «Алмазы Анабара» АУо куттала суох буолуу сулууспа исписэлииһэ Станислав Прокопьев, арыгыһыт дьахтары олус бэркэ табыллан Сардаана Пестрякова оонньоотулар. Кини Аркадий Новиков киинэлэригэр уһуллубут буолан, уһулларга үөрүйэх. Бу дьон олох «дубль!» диэн хатылааһына суох оруолларын арыйан кэбистилэр .
Киинэни алта ыйы быһа бэйэм таҥан оҥордум. Туохха да аралдьыйбакка наар сэрийээлинэн олордум диэххэ сөп. Элбэх уһулууттан » бу сөп» диэбиппин таллым.
Артыыстары булууга уустуктардаах этэ. Тала оонньуур соло да, бириэмэ да суоҕа. Арыгыһыт дьахтар, Маппый оруолларыгар артыыстары тута талбыппыт. Федор Унаров (баһылык), Туяра Эверстова (Саргы) биһиги дьолбутугар, кастиҥҥа бэйэлэрэ кэлбиттэрэ.
Федор Унаров камераҕа хаһан да уһуллубатах киһи. Баахтаҕа БелАЗ суоппарынан үлэлээбит. Оттон сэрийээлгэ хайдахтаах уопуттаах артыыс курдук баһылык оруолун арыйда!
Киинэҕэ уһуллуу курдук олус уустук үлэҕэ биир ыйы быһа биһигини кытта «эн-мин» дэһэн үлэлээбит дьоммор махтал тылын бастыҥын этэбин. Киһи хас биирдиилэрин туһунан кэпсии олоруон курдук бэртээхэй дьон.
Тыа сирин дьонун бүппэт түбүктээх үлэтэ үгүс буоллаҕа — ким эрэ киинэ уһуллуутун быыһыгар отугар баран кэбиһиигэ сылдьан кэлэр, ким ынаҕын ыары ыксыыр, ким оҕуруотугар уу кута сүүрэр, ол быыһыгар дьиэ кэргэннэрин аһатыахтарын, кими эрэ ханна эрэ атаарыахтарын наада. Ону ол диэбэккэ, бары биир киһи курдук түмсэн, бэрт тахсыылаахтык үлэлээн, киинэбитин көрөөччү ылынна. Миэхэ үгүс киһи эрийэр, махтанар, «өссө сэрийээллэ уһул» диэн сакаастыыллар. Махтанабын салалтабар, кыахпын таба көрөн, айар үлэ умсугутуулаах көрүҥэр — уус-уран киинэни устууга сирдээн аҕалбытыгар. Махтал буоллун Дария Назароваҕа — Хара нэһилиэгин баһылыгар. Бачча элбэх киһиэхэ үлэлиир усулуобуйаны тэрийбитигэр. Бүгүн киинэ бүтэһик сиэрийэтин көрөбүт. Махтал эһиэхэ, күндү көрөөччүлэрбит, «Саха» НКИХ сэрийээллэрин сөбүлээн, санааҕытын ууран, бириэмэҕитин аттаран, биһиги үлэбитигэр болҕомтоҕутун уураргыт иһин!
“Омоон суоллар” сэрийээл “линейнэй продюсера” диэн идэлээх Екатерина Кондаковаттан сүрүн дьоруойдар туох идэлээх дьонун ыйыталастым. Ол курдук, полиция үлэһитэ Ньургун — Ньургун Черов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыр артыыһа, кини тапталлааҕын Саргы оруолун оонньообут Туяра Эверстова Altan School оскуола программированиеҕа преподавателэ, бровист. Арыгыһыт дьонноох Афоня оруолугар Майа гимназиятын үөрэнээччитэ Максим Эверстов уһуллубут. Кини ийэтин Биэрэни билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, “Көөчөөн көрө” народнай тыйаатыр артыыската Сардаана Пестрякова, аҕатын Аркадийы Майа дьаһалтатын исписэлииһэ Николай Атласов итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Баһылык Николай Петрович оруолугар уруккута “Анаабыр Алмаастара” АУо тырахтарыыһа Федор Унаров, кини кэргэнин – Альбинаны Майатааҕы Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссера, оҕо устуудьуйатын салайааччыта Александра Скрябина, Саргы эбээтин Елена Сергеевна оруолун народнай тыйаатыр артыыската Маргарита Максимова, Хабырылла оруолун тамада, психолог Клавдий Афанасьев бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Лиза оруолун оҕотун көрөн олорор, эпоксид сымаланан араас малы оҥорор Дарина Ноговицына, Маппый оруолун «Хардыы» бөлөх солиһа Гаврил Колесов эмиэ бэркэ табыллан оонньоотулар.
Аны аҕыйах чааһынан «Омоон суоллар» киинэбит бүтэһик сиэрийэтин көрүөхпүт. Дьэ, сүрүн дьоруойдарбыт хайдах, туох чопчу быһаарыыны ылыналлар? Аҕа (баһылык) уонна кини кыыһа (Саргы) хайдах көрсүөхтэрэй? Ол барыта бу киэһэ 21 чааска биллиэҕэ.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…