Салгыы
Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

22.11.2024, 12:00
Хаартыска: Дь.Иванов (СИА), АЛРОСА
Бөлөххө киир:

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна инновациялары баһылыырга аналлаах бырайыактары олоххо көхтөөхтүк киллэрэр. Сыыппаралаах технологияҕа көһүү түмүгэр өрөспүүбүлүкэ атын бырайыактара эмиэ сайдаллар -– алмаастаах хампаанньа олохтоох хампаанньалар сыыппараҕа көһөр бырайыактарын өйүүр. Холобур, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга көмөлөһөр мэдиссиинэ салаатыгар. Бу хайысхаҕа саҥа хардыынан сэтинньи 13 күнүгэр «Сыыппаралаах алмаас» пуорумҥа Инновация министиэристибэтин кытары Саха сиригэр ИТ-индустрияны сайыннарыы салаатыгар бииргэ үлэлиир туһунан меморандумҥа илии баттааһын буолла.

АЛРОСА соругу туруо­рааччы быһыытынан, ИТ-хампаанньалар ырыынакка күрэстэһэр кыахтаах, хаачыс­тыбалаах бородууксуйаны оҥороллоругар хаһыс да сылын көмөлөһөр. Былырыын СӨ инновациялары сайыннарыы пуондатын уонна АЛРОСА икки ардыларыгар сөбүлэһии чэрчитинэн, бырагырааманан хааччыллыыга (ол иһигэр алмаа­һы хостуур са­лаа­ҕа) туттуллар омук тэриллэрин солбуйууга хайысхаламмыт бырайыактары олоххо киллэрэргэ уонна инновациялары өйүүргэ алмааһы хостуур хампаанньа 100 мөлү­йүөн солкуобайы биэрбитэ. Алмааһы хостуур хампаанньа уонна судаарыстыба бииргэ үлэлээһиннэринэн, билигин хайа уонна карьер тиэхиньикэтин үлэлэрин анаалыстааһыны сыыппараҕа көһөрөр систиэмэ, массыынаны ыытарга нейроннай ситимнэр, моделлар уо.д.а. оҥоһуллаллар. Инновацияны сайыннарыы Саха сиринээҕи пуондатын кытары бииргэ үлэлээһин туһунан АЛРОСА сыыппаралаах технологияларга дириэктэрэ Вадим Желтухин кэпсээтэ.
«Билигин биһиги холбоһуктаах бартыбыалбытыгар араас эйгэҕэ хайыы үйэ 10 бырайыактаахпыт – мэдиссиинэттэн уонна авиацияттан саҕалаан, оҥорон таһаарыыга уонна өрөмүөн үлэтигэр тиийэ. Биһиги бииргэ үлэлиир хамаандаларбыт хайдах сайдалларын, олоххо киллэриллэр бырайыактар уустугуран иһэллэрин көрөбүт. Бырайыак бастакы кыттааччылара бородууксуйаларын олоххо киллэрэр эрэ буолбакка, үбүнэн харданы ылаллар. Ол эбэтэр кинилэр бородууксуйалара АЛРОСА иһигэр эрэ ситиһии­лэммэттэр, тас ырыынакка таҕыстылар уонна атыттар кинилэргэ улаханнык наады­йалларын биллилэр.

Кырдьык, Арассыыйаҕа интэриэһинэй бырайыак буолан таҕыста. Инвестициялар моделлара, эрдэттэн толкуйдаабыппыт курдук, толору үлэлээтэ. Пуонданы кытары бииргэ үлэлээһин таһаарыылааҕын дакаастааата. Биһиги бырамыысыланнаска бөдөҥ сакаас­чыт уонна стартаптар икки ардыларыгар салайыы уонна коммуникация көдьүүстээх систиэмэтин оҥорору ситис­тибит. Ол иһин, аныгыс­кы цикли үөрэ-көтө салгыыбыт уонна Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын өйүөхпүт. Оҥоһуллубут бородууксуйалар Арассыыйа ырыынагар эрэ буолбакка, омук сиригэр эмиэ наадалаах буолалларыгар эрэллээхпит», – диэтэ Вадим Желтухин.

«Ситиһиилээх бырайыактары сайыннарабыт»

Саха сиригэр инновация сайдыытын пуондата уонна АЛРОСА хампаанньа бииргэ үлэлээһиннэрэ олоххо ситиһии­лээхтик киллэриллэр стартаптарга үбү инвестиция­лыыр кыаҕы биэрэр.
Ол туһунан АЛРОСА биисинэс-процесстары информациялааһыны сайыннарыыга управлениетын начааалынньыга Андрей Аферьев пуорумҥа бэлиэтээн эттэ.
«Биһиги Саха сирин инновацияларын сайыннарыы пуон­датын кытары цифровизация уонна информатизация салаатыгар араас бырайыак­тары сайыннарабыт. Эдэр талаан­наах ыччаты кытары үлэлиибит, бырайыактары оҥоруу уонна салайыы эйгэтигэр кинилэри өйүүргэ кыһаллабыт. Саҥа санаалары, көҕүлээһиннэри бииргэ көрдүүбүт, онтон пуонда көмөтүнэн олоххо киллэрэбит уонна ситиһиилээх бырайыактары сайыннарабыт», – диэн эттэ.


«Биһиги оҥорон таһаарыы эйгэтигэр тирэҕирэбит. Ол – оҥорон таһаарыыны сала­йыы, тиэхиньикэ-экэниэмикэ көрдөрүүлэрэ, сыыппараҕа көҕүлээһиннэр. Пуорум быра­йыактар дьиҥнээх кыахтарын тута биир миэстэҕэ сыаналыырга үчүгэй былаһаакканан буол­ла. Биһиги өрөспүүбүлүкэ инновацияны сайыннарыыга пуондатын кытары стартаптары өйөөһүҥҥэ салгыы бииргэ үлэлиир санаалаахпыт», – диэтэ Андрей Аферьев.

«Дойду саҥа бородууксуйаларын оҥордубут»

«Сыыппаралаах алмаас» федеральнай пуорум чэрчитинэн ыытыллыбыт панельнай сиэссийэҕэ хайа-хостуур бырамыысыланнас эспиэрдэрэ саҥа стартаптарга бөдөҥ корпорациялары кытыннарыы кыаҕын дьүүллэстилэр. Кыттааччылар ИТ-эйгэҕэ хампаанньалар уонна оҥорон таһаарааччылар икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһин улахан кыахтааҕын болҕомтоҕо ыллылар.
«Меморандумҥа илии баттаһыы – АЛРОСА-ны кытары холбоһуктаах үлэ түмүгэ. АЛРОСА өйөбүлүнэн олохтоох биисинэс хампаанньа соруктарын быһаарарга бэйэтин этиилэрин киллэрэр. Кэккэ бырайыактар хайыы үйэ олоххо киллэрилиннилэр уонна атын корпорацияларга тарҕаналлар.


Биһиги инники быра­йыактарбытын АЛРОСА өйүүрэ кэрэхсэбиллээх. Мин корпоративнай секторы кытары биһиги информационнай эко-систиэ­мэбит өссө тэтимнээхтик сайдарыгар эрэллээхпин», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, сыыппаралаах сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Василий Ефимов иһитиннэрдэ.

«АЛРОСА өйөбүлүнэн тас ырыынакка тахсабыт»

Сыыппараҕа көһөрүү кыаҕын толору туһанарга технологическай инновациялар эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыыны тэрийиигэ уонна тэрилтэлэри салайыыга уларыйыылар наадалар. Ол иһин, бырамыысыланнаһы сыыппараҕа трансформациялаа­һын ситиһии­тэ биир кэлим көрүүттэн уонна судаарыстыба, бииси­нэс, билим-тиэхиньикэ уопсастыбаннаһа бииргэ үлэлээһиннэриттэн, ону сэргэ Арассыыйа тэрилтэлэрэ дойдуга оҥоһуллар бырагырааманан хааччыйыыга төһө наадыйалларыттан тутулук­таах. АЛРОСА-ны кытары бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн олоххо ситиһиилээхтик киллэриллибит бырайыактартан биир­дэстэринэн «Хорус» авиация двигателларын мониторинын систиэмэтэ буолар.

Ол туһунан сиһилии «СмартЮнит» кэмиэр­чэскэй дириэктэрэ Артем Петухов сиһилии кэпсээ­тэ:
«Авиация двигателларын мониторинын систиэмэтин уларытыыга наадыйыы омук бырайыактара ырыынактан тахсыбыттарыгар баар буол­бута. Биһиги АЛРОСА ­авиа-хампаанньаҕа бырамыысыланнай туһаныы систиэмэтин оҥорбуппут. Бырайыагы Boeing сөмөлүөттэртэн саҕалаабыт буоллахпытына, билигин Bombardier, Sukhoi Superjet сөмөлүөттэр двигателлэрин хааччыйабыт, холбоһуктаах двигателестроительнай корпорацияны кытары кэпсэтиилэри ыытабыт. Салгын атын суудуналарын: ЫБММ бөртөлүөттэрин, сөмөлүөттэрин уо.д.а. мониториныгар үлэни кэҥэтэр былааннаахпыт. Быйыл сайын бырайыакпытын дойду Бэрэсидьиэнигэр билиһиннэрбиппит, үрдүк сыанабылы ылбыппыт, кини быһаарыыларбытын тарҕатар, ол иһигэр омук ырыынагар, туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. АЛРОСА-ны кытары бииргэ үлэлээһин хам­паанньа наадыйыыларын быһаарыыга эрэ буолбакка, дойдуга бырагырааманан хааччыллыыны (атын авиа-хампаанньалар хайыы үйэ кэрэхсээтилэр) оҥорорбутугар көмөлөстө.

АЛРОСА кыттыытынан хайыы үйэ маннык иһитиннэрэр-анаалыстыыр систиэ­мэлэр оҥоһулуннулар:

«Хорус» авиационнай двигателлар мониториннара (оҥорон таһаараач­чы «СмартЮнит» ХЭО), «Скиллометр» корпоративнай үөрэтии платформата («Софтвей++» ХЭО), «Маммография» мэдиссиинэ модула («Сайберия» ХЭО), хайа уонна карьер тиэхиньикэтин үлэтин анаалыстаа­һын систиэ­мэтэ («ЯКИТ» ХЭО), «Шинный мастер» шиналары хонтуруол­лааһын уонна анаалыстааһын систиэмэтэ («ОШЕР» ХЭЛ ) уо.д.а.
Мунньуллубут уопут АЛРОСА уонна СӨ Инновацияҕа, сыыппаралаах сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэрис­тибэтин кытары бииргэ үлэлээһин туһунан меморандумҥа илии баттааһыҥҥа тирэҕинэн буолла (сэтинньи 13 күнүгэр «Сыыппаралаах алмаас» пуорумҥа).
Бу бырагыраамалары барыстаахтык туһанааччыларынан хампаанньалар эрэ буолбакка, сыыппара­лаах быһаарыылары олоххо киллэрэн, үлэлэрин уонна олохторун хаачыстыбатын тупсарар дьон буолар. Ити АЛРОСА хампаанньа олохтоох оҥорон таһаарааччылары кытары бииргэ үлэлээһиннэрин өссө суолта­лаах оҥорор. Меморандумҥа илии баттаһыы АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ иһигэр үрдүк технологиялаах урбааҥҥа уонна инновация быра­йыактарыгар үбү инвестициялыыр былааннааҕын бигэргэтэр. Ону таһынан, эрэгийиэҥҥэ технологичес­кай инфраструктураны сайын­нарыы дьоһун суолталаах хайысханан буоларын көрдөрөр.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: