АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна инновациялары баһылыырга аналлаах бырайыактары олоххо көхтөөхтүк киллэрэр. Сыыппаралаах технологияҕа көһүү түмүгэр өрөспүүбүлүкэ атын бырайыактара эмиэ сайдаллар -– алмаастаах хампаанньа олохтоох хампаанньалар сыыппараҕа көһөр бырайыактарын өйүүр. Холобур, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга көмөлөһөр мэдиссиинэ салаатыгар. Бу хайысхаҕа саҥа хардыынан сэтинньи 13 күнүгэр «Сыыппаралаах алмаас» пуорумҥа Инновация министиэристибэтин кытары Саха сиригэр ИТ-индустрияны сайыннарыы салаатыгар бииргэ үлэлиир туһунан меморандумҥа илии баттааһын буолла.
АЛРОСА соругу туруорааччы быһыытынан, ИТ-хампаанньалар ырыынакка күрэстэһэр кыахтаах, хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥороллоругар хаһыс да сылын көмөлөһөр. Былырыын СӨ инновациялары сайыннарыы пуондатын уонна АЛРОСА икки ардыларыгар сөбүлэһии чэрчитинэн, бырагырааманан хааччыллыыга (ол иһигэр алмааһы хостуур салааҕа) туттуллар омук тэриллэрин солбуйууга хайысхаламмыт бырайыактары олоххо киллэрэргэ уонна инновациялары өйүүргэ алмааһы хостуур хампаанньа 100 мөлүйүөн солкуобайы биэрбитэ. Алмааһы хостуур хампаанньа уонна судаарыстыба бииргэ үлэлээһиннэринэн, билигин хайа уонна карьер тиэхиньикэтин үлэлэрин анаалыстааһыны сыыппараҕа көһөрөр систиэмэ, массыынаны ыытарга нейроннай ситимнэр, моделлар уо.д.а. оҥоһуллаллар. Инновацияны сайыннарыы Саха сиринээҕи пуондатын кытары бииргэ үлэлээһин туһунан АЛРОСА сыыппаралаах технологияларга дириэктэрэ Вадим Желтухин кэпсээтэ.
«Билигин биһиги холбоһуктаах бартыбыалбытыгар араас эйгэҕэ хайыы үйэ 10 бырайыактаахпыт – мэдиссиинэттэн уонна авиацияттан саҕалаан, оҥорон таһаарыыга уонна өрөмүөн үлэтигэр тиийэ. Биһиги бииргэ үлэлиир хамаандаларбыт хайдах сайдалларын, олоххо киллэриллэр бырайыактар уустугуран иһэллэрин көрөбүт. Бырайыак бастакы кыттааччылара бородууксуйаларын олоххо киллэрэр эрэ буолбакка, үбүнэн харданы ылаллар. Ол эбэтэр кинилэр бородууксуйалара АЛРОСА иһигэр эрэ ситиһиилэммэттэр, тас ырыынакка таҕыстылар уонна атыттар кинилэргэ улаханнык наадыйалларын биллилэр.
Кырдьык, Арассыыйаҕа интэриэһинэй бырайыак буолан таҕыста. Инвестициялар моделлара, эрдэттэн толкуйдаабыппыт курдук, толору үлэлээтэ. Пуонданы кытары бииргэ үлэлээһин таһаарыылааҕын дакаастааата. Биһиги бырамыысыланнаска бөдөҥ сакаасчыт уонна стартаптар икки ардыларыгар салайыы уонна коммуникация көдьүүстээх систиэмэтин оҥорору ситистибит. Ол иһин, аныгыскы цикли үөрэ-көтө салгыыбыт уонна Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын өйүөхпүт. Оҥоһуллубут бородууксуйалар Арассыыйа ырыынагар эрэ буолбакка, омук сиригэр эмиэ наадалаах буолалларыгар эрэллээхпит», – диэтэ Вадим Желтухин.
Саха сиригэр инновация сайдыытын пуондата уонна АЛРОСА хампаанньа бииргэ үлэлээһиннэрэ олоххо ситиһиилээхтик киллэриллэр стартаптарга үбү инвестициялыыр кыаҕы биэрэр.
Ол туһунан АЛРОСА биисинэс-процесстары информациялааһыны сайыннарыыга управлениетын начааалынньыга Андрей Аферьев пуорумҥа бэлиэтээн эттэ.
«Биһиги Саха сирин инновацияларын сайыннарыы пуондатын кытары цифровизация уонна информатизация салаатыгар араас бырайыактары сайыннарабыт. Эдэр талааннаах ыччаты кытары үлэлиибит, бырайыактары оҥоруу уонна салайыы эйгэтигэр кинилэри өйүүргэ кыһаллабыт. Саҥа санаалары, көҕүлээһиннэри бииргэ көрдүүбүт, онтон пуонда көмөтүнэн олоххо киллэрэбит уонна ситиһиилээх бырайыактары сайыннарабыт», – диэн эттэ.
«Биһиги оҥорон таһаарыы эйгэтигэр тирэҕирэбит. Ол – оҥорон таһаарыыны салайыы, тиэхиньикэ-экэниэмикэ көрдөрүүлэрэ, сыыппараҕа көҕүлээһиннэр. Пуорум бырайыактар дьиҥнээх кыахтарын тута биир миэстэҕэ сыаналыырга үчүгэй былаһаакканан буолла. Биһиги өрөспүүбүлүкэ инновацияны сайыннарыыга пуондатын кытары стартаптары өйөөһүҥҥэ салгыы бииргэ үлэлиир санаалаахпыт», – диэтэ Андрей Аферьев.
«Дойду саҥа бородууксуйаларын оҥордубут»
«Сыыппаралаах алмаас» федеральнай пуорум чэрчитинэн ыытыллыбыт панельнай сиэссийэҕэ хайа-хостуур бырамыысыланнас эспиэрдэрэ саҥа стартаптарга бөдөҥ корпорациялары кытыннарыы кыаҕын дьүүллэстилэр. Кыттааччылар ИТ-эйгэҕэ хампаанньалар уонна оҥорон таһаарааччылар икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһин улахан кыахтааҕын болҕомтоҕо ыллылар.
«Меморандумҥа илии баттаһыы – АЛРОСА-ны кытары холбоһуктаах үлэ түмүгэ. АЛРОСА өйөбүлүнэн олохтоох биисинэс хампаанньа соруктарын быһаарарга бэйэтин этиилэрин киллэрэр. Кэккэ бырайыактар хайыы үйэ олоххо киллэрилиннилэр уонна атын корпорацияларга тарҕаналлар.
Биһиги инники бырайыактарбытын АЛРОСА өйүүрэ кэрэхсэбиллээх. Мин корпоративнай секторы кытары биһиги информационнай эко-систиэмэбит өссө тэтимнээхтик сайдарыгар эрэллээхпин», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, сыыппаралаах сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Василий Ефимов иһитиннэрдэ.
Сыыппараҕа көһөрүү кыаҕын толору туһанарга технологическай инновациялар эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыыны тэрийиигэ уонна тэрилтэлэри салайыыга уларыйыылар наадалар. Ол иһин, бырамыысыланнаһы сыыппараҕа трансформациялааһын ситиһиитэ биир кэлим көрүүттэн уонна судаарыстыба, биисинэс, билим-тиэхиньикэ уопсастыбаннаһа бииргэ үлэлээһиннэриттэн, ону сэргэ Арассыыйа тэрилтэлэрэ дойдуга оҥоһуллар бырагырааманан хааччыйыыга төһө наадыйалларыттан тутулуктаах. АЛРОСА-ны кытары бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн олоххо ситиһиилээхтик киллэриллибит бырайыактартан биирдэстэринэн «Хорус» авиация двигателларын мониторинын систиэмэтэ буолар.
Ол туһунан сиһилии «СмартЮнит» кэмиэрчэскэй дириэктэрэ Артем Петухов сиһилии кэпсээтэ:
«Авиация двигателларын мониторинын систиэмэтин уларытыыга наадыйыы омук бырайыактара ырыынактан тахсыбыттарыгар баар буолбута. Биһиги АЛРОСА авиа-хампаанньаҕа бырамыысыланнай туһаныы систиэмэтин оҥорбуппут. Бырайыагы Boeing сөмөлүөттэртэн саҕалаабыт буоллахпытына, билигин Bombardier, Sukhoi Superjet сөмөлүөттэр двигателлэрин хааччыйабыт, холбоһуктаах двигателестроительнай корпорацияны кытары кэпсэтиилэри ыытабыт. Салгын атын суудуналарын: ЫБММ бөртөлүөттэрин, сөмөлүөттэрин уо.д.а. мониториныгар үлэни кэҥэтэр былааннаахпыт. Быйыл сайын бырайыакпытын дойду Бэрэсидьиэнигэр билиһиннэрбиппит, үрдүк сыанабылы ылбыппыт, кини быһаарыыларбытын тарҕатар, ол иһигэр омук ырыынагар, туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. АЛРОСА-ны кытары бииргэ үлэлээһин хампаанньа наадыйыыларын быһаарыыга эрэ буолбакка, дойдуга бырагырааманан хааччыллыыны (атын авиа-хампаанньалар хайыы үйэ кэрэхсээтилэр) оҥорорбутугар көмөлөстө.
АЛРОСА кыттыытынан хайыы үйэ маннык иһитиннэрэр-анаалыстыыр систиэмэлэр оҥоһулуннулар:
«Хорус» авиационнай двигателлар мониториннара (оҥорон таһаарааччы «СмартЮнит» ХЭО), «Скиллометр» корпоративнай үөрэтии платформата («Софтвей++» ХЭО), «Маммография» мэдиссиинэ модула («Сайберия» ХЭО), хайа уонна карьер тиэхиньикэтин үлэтин анаалыстааһын систиэмэтэ («ЯКИТ» ХЭО), «Шинный мастер» шиналары хонтуруоллааһын уонна анаалыстааһын систиэмэтэ («ОШЕР» ХЭЛ ) уо.д.а.
Мунньуллубут уопут АЛРОСА уонна СӨ Инновацияҕа, сыыппаралаах сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтин кытары бииргэ үлэлээһин туһунан меморандумҥа илии баттааһыҥҥа тирэҕинэн буолла (сэтинньи 13 күнүгэр «Сыыппаралаах алмаас» пуорумҥа).
Бу бырагыраамалары барыстаахтык туһанааччыларынан хампаанньалар эрэ буолбакка, сыыппаралаах быһаарыылары олоххо киллэрэн, үлэлэрин уонна олохторун хаачыстыбатын тупсарар дьон буолар. Ити АЛРОСА хампаанньа олохтоох оҥорон таһаарааччылары кытары бииргэ үлэлээһиннэрин өссө суолталаах оҥорор. Меморандумҥа илии баттаһыы АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ иһигэр үрдүк технологиялаах урбааҥҥа уонна инновация бырайыактарыгар үбү инвестициялыыр былааннааҕын бигэргэтэр. Ону таһынан, эрэгийиэҥҥэ технологическай инфраструктураны сайыннарыы дьоһун суолталаах хайысханан буоларын көрдөрөр.
Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…