Салгыы
Омуоһап аатын сүгэр уулуссаҕа…

Омуоһап аатын сүгэр уулуссаҕа…

07.09.2024, 18:00
Ульяна Захарова хаартыската
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Эргэ куорат биир дириҥ устуоруйалаах, мааны, сэргэх, сырдык оҥоһуулаах оройуонунан биллэр.  Манна киһи күнүстэри, киэһэ хойут даҕаны куттаммакка салгын сиир, дьаарбайар, холкутук хаамар сирэ этэ… Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ куораппыт биир мааны киин сирэ  арыгылыыр, күүлэйдиир, ардыгар буруй-сэмэ да тахсар сиригэр кубулуйан эрэрэ сэрэхэдитэр. Биир киэһэ анаан салгын сии кэлэн баран хас түүҥҥү кулууп, бар баарын аахтым. Ортотунан, биэс арыгылыыр сир баара сөхтөрдө.

 

Вейп сытынан тунуйбут уулусса

Киэһэ аҕыс аҥаартан саҕалаан массыынанан киирии уустугурар. Тоҕо диэтэххэ, ыччат өттө манна таксыынан кулуупка, барга кэлэллэр эбит. Эргэ куораппыт түүн атын мөссүөннэнэр. Электроннай табахтарын уоба сылдьар пиибэлээх ыччат олус элбэх. Мин көрдөхпүнэ, сүүрбэлэрин саҥа ааспыт эдэркээн оҕолор манна хото мусталлар. Сорохтор уулусса ортотугар тыын­наах доҕуһуолга ыллаан, ааһар дьону сэргэхситэллэр. Оттон үгүстэрэ туман курдук буруонан тунуйбут бардарга киирэн түүннэри олорор буолбут. Бу барыта ийэлээх-аҕалаах, үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр дьон буоллахтара. Харчыларын уонна эдэр саастарын күндү бириэмэтин буруолаах, дьаар сыттаах сиргэ атааралларын киһи хараас­та көрөр.

Омуоһап уулуссатыгар

Оттон бу Омуоһап аатын сүгэр уулуссаҕа биһиги, сахалар, киэн туттар биллии­лээх суруйааччыбыт Алампа Сопуруонап, атыыһыттар, о.д.а. биллиилээх дьоммут олорон ааспыттара. Степан Аржаковка анаммыт өйдөбүнньүк таһыгар түүҥҥү уот-күөс сандааран олорор. Утары ыскамыайкаларга өйдөбүнньүгү сэргэстэһэ бытыылка пиибэлээх, вейп табахтаах ыччат мустар. Ыччат эрэ буолбатах, орто саастаах да, аҕамсыйан да эрэр дьон иһэ-аһыы олорорун көрөр сүөргү. Бөх кутар баахтар пиибэ бытыылкаларынан туола са­­таан баран таһынан барбыт дьулаан көстүүлэрэ Эргэ куорат сырдык эйгэтин барытын ыһар. Бу кэнниттэн вандаллар ону алдьаттылар, маны алдьаттылар диэн айманыахпыт. Оттон алдьархай барыта арыгыттан тахсар!

Ханна арыгы – онно охсуһуу

Ханна арыгы хото атыыланар да, ол оройуон устунан айдааннаах-куйдаан­наах, охсуһуулаах буолара саарбаҕа суох. Бу кэннэ тоҕо ыччат арыгылыырый, түүннэри илэ баралларый диэн ыйытыы үөскүөҕэ. Оттон куораппыт килбэйэр киинигэр биэс-алта арыгылыыр сир кэккэлэспит буоллаҕына, салгыы хайдах буоларый? Оройуон олохтоохторо, биллэн турар, бу көстүүнү ылымматтара биллэр. Мин салгын сии тахсыбыт аҕам саас­таах дьонтон сурастым, кэпсэттим. Үгүстэр куттанан урукку курдук хойукка диэри сылдьыбат буолбуттарын кэпсииллэр. Историческай-архитектурнай кыбартаал Киин бырааба бас билиитигэр киирбит. Онтон кэлин Уопсастыбаннай сири-­уоту салайар кииҥҥэ (Центр управления общественными пространствами) (куорат пааркатын бас билиитигэр) сыһыарыллыбыт. Төһө даҕаны бу кыбартаалы тупсарар, ырааһыр­дар үлэни ыыта сатаабыттарын иннигэр, түүн ахсын кэлэн арыгылыыр уонна охсуһар буоллахтарына, барыта алдьана-кээһэнэ турара чахчы.

Урут хайдах этэй?

Автовокзал оройуонугар уонтан тахса сыллааҕыта эмиэ хас да түүҥҥү кулууп сэргэстэһэ турар биир сэрэхтээх кыбартаалынан биллэрэ. «Дракон», “Джет” кулууптарга ыччат хото мустара. Арыгылааһын уонна түүнүн бэйдиэ сылдьыы түмүгэр төһөлөөх ыччат эчэйбитэй, олоҕо алдьаммыта буолуой? Биһиги урут бу туһунан үгүстүк суруйан турабыт. “Дракон” кулуупка эчэйии ылан өр кэм устата балыыһаҕа сытан эмтэммит уол кэлин эдэр сааһыгар соһуччу ыалдьан олохтон барбытын билэбин. Ыччат санаатыгар түүнүн сылдьыы куорат күлүмнэс олоҕун амсайыы курдук ылыныан сөп. Ол эрээри бу быстах долгуҥҥа оҕустарыы хаһан баҕарар соттуктаах буолар. Ким эрэ үөрэхтэн матар, ким эрэ ускул-тэс­кил барар, оттон сорохтор суорума суолланаллар…

Арыгылыыр кыбартаалга кубулуйар куттал баар

Билигин Автовокзал оро­йуонун тохтобулугар дьон киэһэ хойут киирбэт. Ол кэриэ­тин хойукку оптуобуһу таһырдьа көһүтүөхтэрэ. Оттон түүҥҥү кулууптар, бардар куорат кытыы уулуссаларыгар сыҕарыйан биэрбиттэрэ. Төһө даҕаны арыгы атыыта бириэ­мэтинэн хааччахтаммытын иһин, маннык кулууптар, бардар киин уулуссаҕа үлэлииллэрин тухары, тэйбэҥнэспит итирик ыччат, охсуһуу, буруй-сэмэ аччаабата биллэр. Ама, Былыргы куораты эмиэ арыгыһыттар мустар кутталлаах сирдэригэр кубулутар куттал баар дуо?

Дьон санаата: 

Светлана Семеновна, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Дьокуускай:

– Бу оройуоҥҥа уруккуттан олоробун. Олус чуумпу оройуон этэ. Арай биирдэ болкуоммуттан көрбүтүм, ыччат бөҕө, үгүстэр итирик, испит туруктаахтар. Онтум кэлин ыалларбыттан истэн билбитим, төрүт даҕаны манна түүҥҥү бардар бааллар эбит. Саатар биир эрэ буолбатах, хас даҕаны. Ол да иһин чуумпу олохпут уйгуурбут эбит.

Ирина Герасимовна, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Дьокуускай:

– Киһи холкутук салгын сиэбэт сирэ буолла. Күнүскү өттүгэр чуумпу, үчүгэй. Тоҕустан киэһэ манна дьэ, иэдээн. Полиция да үлэһиттэрэ эриэйдэлээбэттэр. Буруй-сэмэ да тахсан эрдэҕэ. Барыта электроннай табах, буруо-тараа. Олохтоохтор сөбүлээбэппит. Күн ахсын түннүкпүнэн тыас-уус, муусука. Сынньалаҥ олох диэн суох. Куорат дьаһалтата болҕомто ууруох­таах, кыһаныахтаах этэ даҕаны…

Петр Васильевич, Анна Александровна, Дьокуускай олохтоохторо:

– Биһиги манна Эргэ куорат устун тыгар элбэх гирлянданы көрө диэн кэлбиппит. Самокаттаах оҕо, ыччат элбэх эбит. Табах, вейп сыта ынырык. Оҕолоох төрөппүттэр да бааллар. Киһи иккистээн сынньана кэлбэт сирэ. Урут «Махтал» эрэс­тэрээн саҥа аһыллыбытыгар сылдьан турардаахпыт. Онтон ыла уларыйыы бөҕө буолбут, тупсуу суох, төттөрү түһүү диэн көрөбүн. Уустар оҥорбут истрическай дьиэлэрэ-уоттара, өйдөбүнньүктэрэ алдьаныахтарын да сөп. Дьиҥэ, харыстыахха баар этэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 59% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: