Оҥхойго — саҥа хотон
Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгэр «Саха сүөһүтэ» генофонда тэрилтэтэ «Оҥхой» отделениетыгар саҥа хотон тутан үлэҕэ киллэрдэ.
Саҥа хотон сахалыы моһуоннаах, туруорбах балаҕан курдук, устата 45 м., туората 9,5 м.
Тутааччы, Үөһээ Бүлүү урбаанньыта Семенов Александр Николаевич, прораб Вячеслав Кривошапкин, маастар Михаил Егоров.
-Саҥа хотоҥҥо 81 сүөһү кыстыахтаах. Билигин бэйэбитигэр 51 төбө турар. Горнай улууһун Маҥараһыттан «Кылыс» отделениеттан, Ньурба Аканатыттан «Чкалов» отделениеттыттан эбии сүөһүнү аҕалыахтаахпыт, — диэн санаатын үллэстэр отделение управляющайа Пантелеймон Михайлович Дмитриев.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев, «Саха сүөһүтэ» генофонда тэрилтэтэ дириэктэрэ Александр Артемьев, солбуйааччыта Василий Лукин, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Кирилл Гаврильев, Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин баһылыктара кытыннылар.
«Саха киһитэ саха ынахтаах буолуохтаах» диэн бырайыагынан 2015 сыллаахха Оҥхойго аан бастакынан саха сүөһүтүн аҕалбыт, оччотооҕуга нэһилиэк баһылыга Герман Егорович Отов тэрээһиҥҥэ сылдьан баҕа санаатын эттэ: «Нэһилиэк дьаһалтата бэйэтин кыра бюджетыгар хотон туттаран, 33 саха сүөһүтүн аҕалбыппыт. Эһиилги сайыныгар Өспөх күөлэ күрүөлэммитэ. Онтон кэлэр сылга Липпэ Атах. Онон Үөһүү Бүлүү улууһугар саха омук баайа, өбүгэбит сүөһүтэ кэлиитигэр бастакы олук ууруллубута. Билигин өссө үүнэн-сайдан, материальнай базата бөҕөргүү турдун. Инникитин оттуур ходуһа боппуруоһа быһаарыллыа диэн эрэнэбин».
Тэрилтэҕэ биэс сыл анараа өттүгэр сүөһү ахсаана 525 төбө эбит буоллаҕына, билигин 1 275 төбө.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: