Онкодиспансер тутуута 81% бүтэн турар

Share

Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансеры тутуу 81% бүтэн турар. Ол эрэн, тутууну болдьоҕун иннинэ бүтэрэр былааннаахтар.

Бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай бөдөҥ мэдиссиинэ тэрилтэтэ буолар. Быйыл ахсынньыга тутуллан бүтүөхтээх. Саҥа киин бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир, үрдүк технологиялаах аныгы тэриллэринэн хааччыллар.

Онкодиспансеры тутуу 2019 сыллаахха саҕаламмыта. Киин 180 куойкалаах, күҥҥэ 210 киһини көрөр кыахтаах поликлиникалаах, уопсай иэнэ – 25,6 тыһыынча кв.м. Дьиэ 4 блоктаах: бастакытыгар поликлиника, иккискэ – эпэрээссийэлиир блоктар, үһүскэ, төрдүскэ – сытар балыыһа (стационар).

Ил Дархан Айсен Николаев бу күннэргэ тиийэн, тутуу хаамыытын баран көрдө-иһиттэ, сүбэ мунньаҕы ыытта. Билиҥҥитэ тутуу 81% бүтэн турар. Тас үлэтэ бүтэн, ис өттүгэр үлэ элбэх, ону тэҥэ инфраструктуратын оҥоруу, анал тиэхиньикэтин туруоруу күүтэр.

Хаартыска: Андрей Сорокин.

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

6 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

21 минута ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

2 часа ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago