Онкологическай киин бу ыйга үлэҕэ киириэҕэ

Share

Саха сиригэр «Доруобуйа харыстабыла» бырайыагынан эбийиэктэри тутуу тэтимнээхтик баран иһэр. Бу бырагырааманан быйыл уонна чугастааҕы кэмнэргэ балыыһа 13 бөдөҥ комплексын, ол иһигэр оройуоннааҕы поликлиникалары уонна тыа сирин балыыһаларын тутуу былааннанар.

2022 сыллаахха Дьокуускай куоракка Кардиологическай киин аһыллан, сүрэх-тымыр ыарыытынан ыалдьар дьон миэстэтигэр тута суһал көмөнү ылар кыахтаннылар. Оттон ааспыт сылга үлэҕэ киириэхтээх Онкологическай киин оборудованиета соҕурууттан кыайан кэлбэккэ, тохтоон турбута. Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» «Россия 24» телеханаалын «Прямой разговор» биэриитигэр тохсунньу бүтүөр диэри үлэҕэ киириэҕэ диэн эттэ.

«Билиҥҥитэ Онкологическай киин аһыллыытыгар ханнык даҕаны харгыстар суохтар. Бу эбийиэк дьоҥҥо олус туһалаах, наадалаах. СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин иннигэр Онкологическай киин аһыллыбыт күнүн сарсыныттан тэрилтэ сорох отделениелара үлэлээн баралларын курдук тэрийэллэригэр соруйдум», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Онкологическай киин аһыллыыта Саха сирин олохтоохторугар олус улахан суолталаах. Биһиги дьоммут Уһук Илин биир саамай улахан, аныгылыы сэбилэниилээх Онкологическай киин нөҥүө үрдүк технологиялаах көмөнү ылыахтара.

Санатан эттэххэ, Дьокуускайга аһыллыахтаах Онкологическай киин 25 тыһ. кв.м иэннээх, манна тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу эбийиэк Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕын толоруу чэрчитинэн, «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыагынан тутулунна.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

9 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

12 часов ago