Онкологическай киин эпэрээссийэ араас көрүҥүн оҥорор
Саха сиригэр саҥа онкологическай киин аһыллыаҕыттан араас көрүҥнээх эпэрээссийэни оҥоруу ахсаана элбээтэ.
Быйыл бүөр рагын эпэрээссийэтин 84%-нын онколог-хирургтар лапароскопическай ньыманан оҥордулар. Бу хирургическай эмтээһин аныгы ньымата — үгэс буолбут быһыы оннугар 0,5-тэн 1,5 см диэри кыра хайаҕас оҥороллор. Онно лапароскоп киллэриллэн, оптикалаах уонна видеокамералаах турба уруһуйу көрдөрөр.
Кинилэр өссө кыра “инвазивнай” дэнэр эпэрээссийэни оҥороллор. Тыҥа эпэрээссийэлэрин 74%-на торакоскопическай ньыманан оҥоһуллубут. Быраастар бэлиэтииллэринэн, бу ньыманан ыарыһах эпэрээссийэни чэпчэкитик аһардар.
Ону тэҥэ, ангиограф тэрилинэн ис уорган эпэрээссийэтин оҥорор кыах үөскээтэ. Маннык үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан оҥоһуллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: