Салгыы
Онкологическай киин эпэрээссийэ араас көрүҥүн оҥорор

Онкологическай киин эпэрээссийэ араас көрүҥүн оҥорор

29.11.2024, 16:14
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр саҥа онкологическай киин аһыллыаҕыттан араас көрүҥнээх эпэрээссийэни оҥоруу ахсаана элбээтэ.

Быйыл бүөр рагын эпэрээссийэтин 84%-нын онколог-хирургтар лапароскопическай ньыманан оҥордулар. Бу хирургическай эмтээһин аныгы ньымата — үгэс буолбут быһыы оннугар 0,5-тэн 1,5 см диэри кыра хайаҕас оҥороллор. Онно лапароскоп киллэриллэн, оптикалаах уонна видеокамералаах турба уруһуйу көрдөрөр.

Кинилэр өссө кыра “инвазивнай” дэнэр эпэрээссийэни оҥороллор. Тыҥа эпэрээссийэлэрин 74%-на торакоскопическай ньыманан оҥоһуллубут. Быраастар бэлиэтииллэринэн, бу ньыманан ыарыһах эпэрээссийэни чэпчэкитик аһардар.

Ону тэҥэ, ангиограф  тэрилинэн ис уорган эпэрээссийэтин оҥорор кыах үөскээтэ. Маннык үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан оҥоһуллаллар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: