Онкологическай кииҥҥэ тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ
Дьокуускай куоракка саҥа тутуллан үлэҕэ киирээри турар Уһук Илиҥҥэ саамай улахан онкологическай киин, аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир кыахтаах тэрилинэн итиэннэ үрдүк кылаастаах исписэлиистэринэн хааччылынна. Тэрилтэҕэ тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ.
Саҥа кииҥҥэ каадырдары бэлэмнээһин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иитинэн 2017 сылтан саҕаламмыта.
Миниистир Лена Афанасьева бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайдааҕы онкодиспансеры мэдиссиинискэй каадырдарынан хааччыйыыга уонна штаты улаатыннарыыга эрдэттэн тус сыаллаах үлэ ыытыллыбыт.
«Онкодиспансер штата 1002 диэри улаатыаҕа. Ординатура бырагырааматынан 28 быраас бэлэмнэннэ, маны таһынан 144 исписэлиис бастыҥ онкологическай кииннэргэ баран эбии үөрэҕи аастылар. Итиэннэ 23 киһи тас дойдуга тахсан үөрэннилэр. 8 мэдиссиинискэй физигы, 7 радиотерапевы бэлэмнээтибит» – диэн кэпсээтэ Лена Афанасьева.
ХИФУ Мэдиссиинискэй институтун онкология кафедратын базатыгар 2019 сылтан 22 онколог — ординаторы үөрэттилэр.
Дьокуускайдааҕы онкологическай киин штатын улаатыннарыы дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагар олоҕуран ыытылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: