Онкологическай кииҥҥэ тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ

Share

Дьокуускай куоракка саҥа тутуллан үлэҕэ киирээри турар Уһук Илиҥҥэ саамай улахан  онкологическай киин,  аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир кыахтаах тэрилинэн итиэннэ үрдүк кылаастаах исписэлиистэринэн хааччылынна. Тэрилтэҕэ тыһыынчаттан тахса киһи  үлэлиэҕэ. 

Саҥа кииҥҥэ каадырдары бэлэмнээһин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иитинэн 2017 сылтан саҕаламмыта.

Миниистир  Лена Афанасьева  бэлиэтээбитинэн,  Дьокуускайдааҕы онкодиспансеры мэдиссиинискэй каадырдарынан хааччыйыыга уонна штаты улаатыннарыыга  эрдэттэн тус сыаллаах үлэ ыытыллыбыт.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

«Онкодиспансер штата  1002 диэри улаатыаҕа. Ординатура бырагырааматынан  28 быраас бэлэмнэннэ, маны таһынан 144 исписэлиис  бастыҥ онкологическай кииннэргэ баран эбии үөрэҕи аастылар. Итиэннэ 23 киһи  тас дойдуга тахсан үөрэннилэр.  8 мэдиссиинискэй  физигы, 7 радиотерапевы  бэлэмнээтибит» –  диэн кэпсээтэ  Лена Афанасьева.

ХИФУ Мэдиссиинискэй институтун онкология  кафедратын базатыгар  2019 сылтан 22 онколог — ординаторы үөрэттилэр.

Дьокуускайдааҕы  онкологическай киин штатын улаатыннарыы  дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагар олоҕуран ыытылынна.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago