Саха сирин улуустарыгар Онкология амбулаториятын көмөтүн 18 киинэ үлэлиир. Былырыын бу кииннэр онкология ыарыытын эрдэ булар уонна эмтиир туһуттан 40 668 киһи доруобуйатын чинчийбиттэрэ.
Онкология амбулаториятын кииннэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын уонна табыгастаах буоларын үрдэтэр туһуттан “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тэриллибитэрэ.
Кииннэртэн биирдэстэрэ, 2019 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Киин балыыһатыгар тэриллибит Онкология амбулаториятын киинэ 2023 сылга 350-тан тахса киһи доруобуйатын чинчийдэ. Киин үлэлиир кэмигэр онкология ыарыыларын утары охсуһууга биллэр кылаатын киллэрдэ уонна уонунан ахсааннаах киһи хаачыстыбалаах эмтэниини кэмигэр туһанарыгар көмөлөстө.
Ону таһынан былырыын Онкология амбулаториятын киинигэр ыытыллыбыт “эр киһи доруобуйата” аахсыйа чэрчитинэн, 140 эр киһи доруобуйатын бэрэбиэркэлэттэ, кинилэртэн 6 киһи салгыы дириҥник чинчийиигэ ыытылынна.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Онкология амбулаториятын киинин көмөтүнэн былырыын барыта “кутталлаах” искэни булуу 88 түбэлтэтэ (ол иһигэр 5 – 18-гар диэри саастаах оҕо) бэлиэтэннэ. Онкомаркерга 18239 анаалыс оҥоһулунна. Билигин Киин күнүскү стационарыгар 9 эмтэнээччи онкология амбулаториятын көмөтүнэн туһанар.
Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, ыытыллыбыт тэрээһиннэр Онкология амбулаториятын киинин үлэтэ көдьүүстээҕин уонна ыарыыны эрдэ буларга улахан оруоллааҕын көрдөрөр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…