Дьокуускайга Онкология саҥа киинин тутуу үлэтэ бүтэн, тохсунньу бүтүүтэ аһыллара былааннанар. Саҥа эбийиэккэ тутар-таҥар үлэлэр түмүктэннилэр. Билигин мэдиссиинэ тэриллэрин аҕалан таҥыы үлэтэ бара турар. Бу күннэргэ Киин үлэҕэ киирэригэр көҥүл бэриллэрэ күүтүллэр. Онон Саха сирин олохтоохторо өр күүппүт эбийиэктэрэ сотору аанын арыйыаҕа.
Саха сиригэр искэн ыарыылаах дьоҥҥо анал көмөнү 1946 сылтан Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатын иһинэн онкология кэбиниэтэ аһыллыаҕыттан оҥорон барбыттара.
1947 сыл сэтинньитигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа хирургияҕа отделениетын баазатыгар 10 куойкалаах стационар аһыллыбыта. Онтон маннык ыарыһахтарга туспа структураны тэрийэр туһунан ССРС Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин “Дьокуускай куоракка онкология диспансерын арыйыыны былааннааһын туһунан” 1948 сыл от ыйын 17 күнүнээҕи ыйааҕа бүтүн Саха сиригэр дьоһуннаах быһаарыынан буолбута. Бу бирикээскэ олоҕуран, САССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ 25 куойкаҕа суоттанан, штаттары бигэргэппитэ.
Ол гынан баран, Саха сиригэр онкология сулууспатын тэрийии күнүнэн-дьылынан 1950 сыл тохсунньу 10 күнүн ааҕаллар. Бу күн САССР доруобуйа харыстабылын миниистирэ Павел Васильевч Любимов 31 №-дээх бирикээһэ тахсан, 25 сытар куойкаҕа олоҕуран, үлэһиттэр штаттара бигэргэммитэ.
2018 сыллаахха Дьокуускайга 30 куойкалаах радиология отделениета аһыллыбыта. Радиология отделениетын саҥардан оҥоруу онкология саҥа киинин тутуу бастакы түһүмэҕэ этэ. Онон, отделение олох саҥаттан кэриэтэ тутуллан, урукку дьиэттэн 2,5 төгүл улахан иэннээх буолан тахсыбыта.
Бу отделение аһыллыыта өрөспүүбүлүкэ онкологияҕа сулууспатын сайдыытыгар – бастакы улахан хардыы.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, ыарыһахтарга хаачыстыбалаах көмөнү оҥорор туһуттан ыарыһахтар сытар отделениелара саҥа киин тутуллуор диэри быстах кэмҥэ 5 мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ көһөрүллүбүтэ.
Билигин онкология сулууспата доруобуйа харыстабылын аныгы ирдэбиллэринэн сайдар. Ыарыһахтары эмтииргэ хирургия, эминэн терапия, радиотерапия көрүҥнэрэ туһаныллаллар. Онкологтар Арассыыйа сүрүн кииннэрин баазатыгар уонна омук сирдэригэр идэлэрин үрдэтэллэр. Араас сылларга үлэлээбит хас да көлүөнэ уһулуччулаах эмчиттэрин кыһамньыларынан, онкология диспансера Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка сүрүн эмтиир тэрилтэнэн буолла.
Эмтээһин саҥа ньымалара туһаныллаллар, өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр аан бастаан оҥоһулуннулар.
Мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтө искэн ыарыытын эрдэ буларга уонна көдьүүстээхтик эмтииргэ көмөлөһөр. Эмтиир тэрилтэлэргэ каадырдар толору баалларынан, Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэргэ саамай үрдүк көрдөрүүлээх.
Доруобуйа харыстабылын өҥөтүн хаачыстыбатын үрдэтиигэ уонна табыгастаах оҥорууга соруктары толоруу түмүгүнэн, 2023 сылга Саха сиригэр олох орто уһуна 73 сааска тиийдэ (Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдүк).
Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар сыыппараҕа көһүү бырайыактара: «Sciberia» көрдөрүүлэрин анаалыстыырга бырагыраамалаах комплекс уонна нэһилиэнньэҕэ «Онкопоисксаха» онлайн-диспансеризация бырайыага сайдаллар.
Билигин сүрүн болҕомто “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр онкология ыарыытын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыагы олоххо киллэриигэ ууруллар. 2019-2024 сылларга Онкология диспансерын мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн сэбилээһин, онкология 18 амбулаторнай киинин арыйыы, каадырдары тус сыаллаах бэлэмнээһини салгыы ыытыы былааннаналлар.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагын чэрчитинэн, кэнники 5 сылга мэдиссиинэ элбэх эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ.
Татьяна Николаева, онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа:
– 26 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса иэннээх, 210 куойкаҕа радиология отделениелаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах Онкология киинин тутуу “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак, “2020-2024 сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчилэринэн уонна СӨ бырабыыталыстыбатын улахан өйөбүлүнэн тутуллар.
Онкология килииникэтин киинигэр хирургия хайысхалаах 4 отделение аһыллыаҕа, манна мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн киллэрэн туран, сылга 4 тыһыынчаҕа тиийэ эпэрээссийэни оҥоруу былааннанар (билигин – 2 тыһыынча). Видеоэндоскопическай суһал орооһуулар 4К уонна 3D визуализациянан оҥоһуллуохтара, бу аныгы хирургияҕа көмүс стандартынан ааҕыллар.
Биллэн турар, поликлиника отделениетыгар амбулатория көмөтүн оҥоруу кээмэйэ улаатыаҕа. Билигин поликлиника симиэнэҕэ 144 киһи сылдьарыгар суоттаныллар буоллаҕына, саҥа Кииҥҥэ поликлиника 210 эмтэнээччини көрүөҕэ. Саҥа дьиэҕэ сылга 18 тыһыынчаттан тахса киһини көрөргө былааннанабыт.
Онкология киинэ эспиэр-кылаастаах диагностика тэриллэрин пааркатынан хааччыллыаҕа. Онкология киинин базатыгар саамай уустук малоинвазивнай суһал орооһуулары оҥорорго аныгы ангиографическай комплекс аан бастакытын баар буолуоҕа.
Биһиги Онкология саҥа киинэ аһыллыытыгар улахан эрэлбитин уурабыт. Киин биһиги өрөспүүбүлүкэбит онкологиятын сулууспата сайдарыгар сүрүн оруолу ылыаҕа.
Владимир Данилов, эмтэнээччи:
– Бу уодаһыннаах ыарыы (ыарыы аатын да ааттыахпын туттунарым) миигин эмиэ буулаабыта. Ол эрэн, санаабын бөҕөргөтө сатыыбын, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэбитигэр күүтүүлээх саҥа киин үлэҕэ киирэн уонна мэдиссиинэ саҥа технологиялара туһаныллан, төһөлөөх киһи абыраныай, эмтээһин хаачыстыбата тупсуой, олохторо уһуой? Билигин да көрө-истэ сырыттахпына, быраастар барахсаттар билиҥҥи да усулуобуйабытыгар олус кыһаллан үлэлииллэр.
Урут да бу ыарыыттан өлүү-сүтүү ханна барыай? Ыарыыны кыайан быһаарбакка, кэмигэр эмтэммэккэ, төһөлөөх дьоммут бараахтаабыттарай? Билиҥҥи курдук мэдиссиинэ сайдыылаах кэмэ эбитэ буоллар, арааһа кинилэртэн аҥаардара да син быыһаныа этэ дии саныыбын… Онон, аныгы мэдиссиинэҕэ эрэлим күүһүрдэ.
Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера кутталлаах искэннэри эрдэ уонна элбэхтик буларга көдьүүстээх үлэни ыытар.
2023 сыл түмүгүнэн, https://онкопоисксаха.рф web-платформаҕа Саха сирин 4571 олохтооҕо аҥкыатаны ааста, барыта 5270 аҥкыата толоруллубут. Диспансер үлэһиттэрэ 2020 сыллаахха толкуйдаан олоххо киллэрбит онкопоисксаха.рф эрэгийиэннээҕи бырайыактара туһалааҕын күн бүгүҥҥэ диэри көрдөрөр. Бырайыакка барыта Саха сирин 21 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо кытынна.
2023 сылга 2604 эпэрээссийэ оҥоһуллубутуттан 167 – үрдүк технологиялаах.
Кэнники 5 сылга (2019-2023 сс.) оҥоһуллубут эпэрээссийэ ахсаана 26,5% элбээтэ (2019 с. – 2058, 2023 с. – 2604).
Үрдүк технологиялаах эпэрээссийэ ахсаана 10,6% элбээтэ (2019 с. –151, 2023 с. – 167).
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…