Онкология киинэ биир ый иһигэр Саха сирин 3600-тан тахса олохтооҕор мэдиссиинэ көмөтүн оҥордо

Share

Олунньу саҥатыгар саҥа Киин аһыллыытыгар РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин онлайн-сибээһинэн кыттыбыта. Саҥа дьиэҕэ бастакы эмтэнээччилэр олунньу 4 күнүгэр көрдөрүммүттэрэ.

Бастакынан үлэтин поликлиника отделениета саҕалаабыта. Поликлиникаҕа онкологтар, маммологтар, онкогинекологтар үлэлииллэр. Невролог, пульмонолог, терапевт быраастар сүбэ-ама биэрэллэр.

«Киин үлэтин бастакы ыйыгар амбулатория усулуобуйатыгар 3600-тан тахса киһи көрдөрүннэ. Киин атын отделениелара түһүмэхтэринэн аһыллаллар. Билигин күнүскү сытар балыыһа, үс лаборатория: килииникэ-диагностика, цитология уонна патологоанатомия хайыы үйэ аһылыннылар. Аны сытар отделениелары көһөрүүгэ бэлэмнэнии күүскэ барар. Бастакы эмтэнээччилэр сытар балыыһаҕа киирэн эрэллэр«, — диэн Киин кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева иһитиннэрдэ.

«Онкология саҥа Киинигэр саамай аныгы тэриллэр бааллар, эмтэнээччилэргэ сөптөөх усулуобуйа барыта оҥоһуллубут. Онкология диспансерын быраастарыгар болҕомтолоох сыһыаннарын, үрдүк таһымнарын уонна хаачыстыбалаахтык эмтииллэрин иһин махтаныахпын баҕарабын«, — диэн эмтэнээччи Аркадий Харитонов махталын биллэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago