Онкология киинэ эһиил 75 сылын бэлиэтиэҕэ

Онкология киинэ эһиил 75 сылын бэлиэтиэҕэ

07.12.2024, 19:35
Хаартыска: Онкология киинин архыыбыттан
Бөлөххө киир:

2024 сыл олунньутугар үлэҕэ киирбит Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин саҥа дьиэтэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын иһинэн «Онкология ыарыыларын утары охсуһуу» федеральнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубута.


Саҥа Киин Уһук Илин эрэгийиэнигэр биир саамай улаханынан буолар. Ол курдук, Киин аныгы стандартка толору сөп түбэһэр: манна күҥҥэ 210 киһи көрдөрүнэр, сытар балыыһата 180 куойкалаах.
Киинҥэ лабораториялар, көмпүүтэр томограбаа, рентген уонна эндоскопия аппарааттара, маммография уонна ыарыыны быһаарарга наадалаах мэдиссиинэ тэриллэрэ толору бааллар.

Эпэрээссийэлэр аныгы ньыманан оҥоһуллаллар

Онкология киинигэр ыарыыны быһаарар тэриллэр элбээбиттэринэн сибээстээн, доруобуйаны чинчийии ахсаана 15% эбилиннэ. Ону сэргэ, күн аайы араас хайысхалаах эпэрээссийэ оҥоһуллар.
Чуолаан, ангиограф-аппараат баар буолуоҕуттан ыла быар араагар артерия нөҥүө химиопрепараты киллэрии, рентген хонтуруолунан тыҥа искэнигэр диагностическай пункция, быар искэнигэр малоинвазивнай термическай абляция курдук эпэрээссийэлэр туһалыыр кыахтаннылар. Манна даҕатан эттэххэ, маннык үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр Саха сиригэр аан бастаан оҥоһулуннулар.
Лапароскопическай уонна малоинвазивнай эпэрээссийэлэр элбээһиннэрэ ыарыһахтар хирургия орооһуутун чэпчэкитик аһарыналларыгар көмөлөһөр.
Онколог-хирурдар быйыл бүөр араагын эпэрээссийэтин 84%-нын лапароскопия ньыматынан оҥордулар (улахан хайа быһыыта суох, кыараҕас хайаҕаһынан). Бу хирургия аныгы ньыматын туһанан, 0,5-1,5 сантиметрдаах кыра хайаҕаһынан оптикалаах уонна устар камералаах лапароскоп-туруубканы угаллар.
Түөс килиэккэтин уорганнарыгар малоинвазивнай эпэрээссийэлэр 74% торакоскопическай ньыманан ыытыллаллар.   Ол эбэтэр плевральнай көҥдөйгө эндоскобы киллэрэн, искэни ылаллар.
Эмчиттэр этэллэринэн, бу ньымалар ыарыһахтар суһал орооһууну чэпчэкитик аһарыналларыгар уонна түргэнник үтүөрэллэригэр быдан туһалаах. Маннык эпэрээссийэ кэнниттэн балыыһаҕа сытан эмтэнии уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэрии болдьоҕо быдан кылгыыр.
Билигин араак киһи организмыгар баарын-суоҕун эрэ буолбакка, гистология көмөтүнэн ыарыы мутациятын эмиэ быһаарар буоллулар. Онон, искэн көрүҥүттэн тутулуктанан, дьон букатыннаахтык үтүөрүөн уонна үйэлэрэ уһуон сөп.

Үлэһит ахсаана элбээтэ

Саҥа эбийиэк үлэҕэ киллэриллиэҕиттэн, үлэһиттэр ахсааннара икки төгүл элбээтэ. Кииҥҥэ 200-тэн тахса быраас уонна 500 орто, алын сүһүөх исписэлиис эмтэнээччилэрин доруобуйаларын туһугар күнүстэри-түүннэри, икки симиэнэнэн үлэлиир.
Исписэлиистэр тиһигин быспакка идэлэрин үрдэтэллэр, эбии үөрэнэллэр. Арассыыйа таһымнаах онкология институтугар,  килиниичэскэй ординатураларга уо.д.а. киин институттарга үөрэнэллэр, атын дойдуларга үөрүйэхтэрин атастаһаллар.
Киин эдэркээн үлэһиттэрэ онкология ыарыыларын быһаарыы уонна эмтээһин аныгы көдьүүстээх ньымаларын баһылаабыттарын аҕа саастаах биир идэлээхтэрэ көрө-билэ сылдьаллар уонна онкология сулууспата салгыы сайда турарыгар эрэллээхтэр.

«Онкопоиск» туһалааҕын көрдөрдө

2020 сылтан киллэриллибит «Онкопоиск. РФ» скрининг-бырагырааманан тыҥа, быар, эмиий, самах быччархайын, колоректальнай уонна дьахтар киэлитин искэнин быһаараллар.
Скринингэ кыттааччылар аҥкыатаҕа хоруйдууллар, көмпүүтэр бырагырааматыгар киллэриллэллэр. «Онкопоиск.РФ» көмөтүнэн ыарыыны 1-кы уонна 2-с түһүмэҕэр (стадиятыгар) булуу көрдөрүүтэ биллэ тубуста.

Бэлиэ түгэннэр

Бу күннэргэ Онкология киинин искэни эминэн эмтээһин (химиотерапия) уонна онкогинекология отделениелара тэриллибиттэрэ 35 сылын бэлиэтээтилэр.
Химиотерапия билигин үс отделениелаах. Манна даҕатан эттэххэ, күнүскү стационарга ыарыһахтар систиэмэлэрин, эмтэрин ылан бараллар. Күнүскү стационарга эмтэнэр дьон ахсаана сыл аайы элбии турар.
Кэнники 10-15 сылларга искэни эминэн эмтээһин күүскэ сайынна. 200-300-тэн тахса эмп араас көрүҥэ баар буолла. Чинчийиилэр түмүктэринэн, бу эмтэри дьон тулуйан эмтэнэрин уонна көдьүүстээхтик туһанарын быһаардылар.
Онкогинекология отделениета билигин 30 куойкалаах. Манна чуолаан дьахтар ууһуур уорганыгар үөскээбит искэни эмтииллэр, эпэрээссийэлииллэр. Нэдиэлэҕэ 10–15 эпэрээссийэ оҥоһуллар.

ххх

Тустаах идэлээх дьон, учуонайдар сабаҕалыылларынан, ыарыы элбии турар чинчилээх.
Ол төрүөттэртэн биирдэстэринэн нэһилиэнньэ олоҕо уһаабыта, ыарыыны сөпкө быһаарыы элбээбитэ эмиэ буолар.  Араак тоҕо үөскүүрүн ким да чопчу быһаарар кыаҕа суох. Ол эрээри, ас-үөл хаачыстыбата, тулалыыр эйгэбит киртийиитэ, сыыһа аһааһын, элбэхтик хамсаммат буолуу, уойуу, куһаҕан дьаллыктар (арыгы, табаах, наркотик) уо.д.а. сабыдыаллыыллар. Ону сэргэ бу ыарыы хамсык кэнниттэн биллэ элбээбитин туһунан этэллэр.
2025 сылга тэриллибитэ 75 сылын бэлиэтиэхтээх онкология диспансерын сүрүн соругунан ыарыыны эрдэттэн булуу, өлүү ахсаанын аччатыы буолар.

Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева:
-Онкология киинин исписэлиистэрэ үрдүк таһымнаахтар, ыарыһахтары аныгы инновационнай ньыманан эмтииллэр. Биһиги мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын тупсарарга уонна эмтэнээччилэрбит үтүөрэллэригэр саҥаттан-саҥа ньымалары көрдүүбүт. Үлэһиттэрбит күн аайы сүрэхтэрин сылааһын бэйэлэрин эмтэнээччилэригэр биэрэр үрдүк таһымнаах исписэлиистэр».

Сыыппаралар:

Онкология саҥа киинигэр 9 ый иһигэр:
35 тыһыынчаттан тахса киһи -– мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанна (былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 14% элбэх);
3790 эмтэнээччигэ -– хирургия өҥөтө оҥоһулунна;
2150-тан тахса киһиэхэ – «кутталлаах» искэн булулунна.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: