Онкология киинэ -– Уһук Илиҥҥи иккис эбийиэк

Share

«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ акушерство, гинекология, кардиология уонна онкология салааларыгар мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтө табыгастаах буолла.

«Билигин Уһук Илиҥҥэ Онкология киинэ Хабаровскай кыраайга эрэ баар, Саха сирэ -– иккис.
Уһук Илин субъектарыгар маннык сайдыылаах ситим баара улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин ыраах сытар улуустарыттан Хабаровскайга эмтэнэ барар ыарахан. Бириэмэ да барар, ыраах да сытар, тырааныспарка да ороскуот улахан. Онон, көмө бу көрүҥүн эмтэнээччилэргэ чугаһатыллыахтаах.
Саха сиригэр Онкология киинэ хас да соругу тута быһаарыаҕа. Бастатан туран, онкология эбэтэр ол иннинээҕи ыарыылары эрдэ быһаарыыны хааччыйыаҕа. Бу үлэ аныгы сэбилэнии көмөтүнэн үчүгэйдик оҥоһуллуоҕа уонна эмтэнээччи ыарыытын быһаарарга дириҥник чинчийэр кыаҕы биэриэҕэ.
Уопсайа 25 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх, 4 блоктан турар балыыһа комплекса поликлиникалаах, алта эпэрээссийэлиир уонна түөрт интенсивнэй терапия балааталардаах, 180 куойкалаах сытар балыыһалаах.
Манна тыһыынчаттан тахса үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлиэхтэрэ. Кинилэр симиэнэҕэ 200-тэн тахса, сылга 18 тыһыынчаттан элбэх киһини көрүөхтэрэ. Аныгы тэриллэр көмөлөрүнэн хирургияҕа суһал орооһуулар ахсааннара сылга 2 төгүл элбиэҕэ. Онон саҥа Киин аһыллан, эмтэнээччилэр өрөспүүбүлүкэ таһыгар бара сатаабакка, үрдүк технологиялаах көмөнү миэстэтигэр ылар буолуохтара.
Онкология ыарыылаахтары эмтээһиҥҥэ хирургия эпэрээссийэлэрэ, таргетнай химиотерапия уонна лучевой эмтэнии туһаныллаллар. Бу барыта үрдүк таһымҥа оҥоһуллуоҕа. Ыарыы эрдэ быһаарыллыыта, хирургия саҥа ньымалара (ол иһигэр, малоинвазивнай) ыарыһахтар өлүүлэрин аҕыйатыаҕа, эмтэнээччилэр олохторо уһаан биэриэҕэ», -– диэн Мэдиссиинэ Тихоокеанскай судаарыстыбаннай университетын ректора Валентин Шуматов Ленскэй кулуупка кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago