Салгыы
Онкология саҥа киинэ болдьоҕун иннинэ аһыллыаҕа

Онкология саҥа киинэ болдьоҕун иннинэ аһыллыаҕа

29.07.2023, 10:15
Хаартыска: Онкология диспансерын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥэ биир саамай улахан онкологическай балыыһаны Дьокуускай куоракка тутуу 2019 сылтан саҕаламмыта.
Билигин онкология саҥа киинин тутуу былаан быһыытынан баран, эбийиэк 87,5 бырыһыана хайыы үйэ бэлэм.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ бырабыыталыстыбатын, СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин өйөбүллэринэн уонна тус хонтуруолларынан тутуллан бүтэн, быйыл күһүн үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Билигин ис-тас үлэтэ бүтэн, мэдиссиинискэй тэриллэри аҕалыы уонна таҥыы үлэтэ барар. Мэдиссиинискэй тэриллэри ыларга дуогабар эрдэ (сааҥсыйалар иннилэринэ) оҥоһуллан, улахан харгыстары көрсүбэтилэр.

Аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн толору сэбилэниэҕэ

Уопсайа 26 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх Киин симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар поликлиникалаах, 180 куойкалаах сытар балыыһалаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах.
Манна сытан эмтэнэргэ хирургия, химиотерапия уонна диагностика, сардаҥа диагностикатын отделениелара баар буолуохтара. Ону таһынан хирургия
хайысхалаах 4 отделение аһыллыаҕа. Бу отделениеларга үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн киллэрэн туран, сылга 4 тыһыынчаҕа тиийэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэ оҥоһуллара былааннанар (билигин 2 тыһыынча эпэрээссийэ оҥоһуллар). Урут эмсэҕэлээбит уорганы улаханнык арыйан эпэрэссийэлиир буоллахтарына, аныгы технологиялар уонна хирурдар маастарыстыбаларын көмөтүнэн кыра хайаҕаһынан киирэн (малоинвазивнай), искэни хас да өттүттэн көрөн, ыарыһаҕы түргэнник үтүөрдэр ньымалар күүскэ сайдыахтара. Ол түмүгэр ыарыһах балыыһаҕа сытар кэмэ кылгыыра уонна түргэнник үтүөрэрэ сабаҕаланар.
Кутталлаах искэннэри быһаарар уонна эмтиир үрдүк технологиялаах, малоинвазивнай ньымалар араастарын элбэтии былааннанар.
Эпэрээссийэлиир блоктар үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэри оҥорорго аныгы тэриллэринэн сэбилэниэхтэрэ. Видеоэндоскопическай суһал орооһуулар 4 К визуализациялаах уонна 3D көрдөрүүлээх оҥоһуллуохтара. Бу аныгы хирургияҕа «көмүс стандартынан» буолар.
Лаборатория тэриллэрэ эмиэ эспиэр-кылаастаахтар, улахан функциональнай кыахтаахтар. Онкология киинин лабораториятын сулууспаларын базатыгар искэни генынан быһаарар уонна иммунофенотипическай диагностика аныгы ньымалара олоххо киллэриллиэхтэрэ. Маннык сайдыылаах ньыма Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга күүскэ тарҕанна. Бу күүстээх ньымаларынан ыарыыны быһааран баран, эми-тому сөпкө талан, хас биирдии киһини уратытык эмтииллэр.
Чахчыта да, ыарыһахтар өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахса сатаабакка, саҥа кииҥҥэ миэстэтигэр эмтэнэр буолуохтара.

Амбулатория көмөтүн кииннэрэ

Арассыыйаҕа онкология ыарыытын утары охсуһуу бырагырааматынан, Онкологияҕа амбулатория көмөтүн кииннэрин арыйыы үлэтэ күүскэ бара турар. Амбулатория көмө кииннэрин сүрүн соруктарынан искэни эрдэ булан эмтээһин уонна сэрэтэр үлэни ыытыы буолар. Саха сирин улуустарыгар уонна куораттарыгар 18 (Дьокуускайга — 4) амбулатория көмө киинэ аһылынна.
Онон, нэһилиэнньэ миэстэтигэр көрдөрүнэн, ыарыыны быһаартаран тута эмтэниини саҕалыырыгар кыах үөскээтэ.

«Онкопоиск» бырайыак

Дойду статистиката көрдөрүнэн, искэн ыарыы эрдэ булулуннаҕына, үчүгэйдик эмтэниллэр, үтүөрүллэр. Итиннэ төһүү күүһүнэн улахан көдьүүһү аҕалара аан дойду үрдүнэн бигэргэтиллибит скрининговай ньыма буолла.
Саха сиригэр 2020 сылтан «Онкопоиск» бырайыак олоххо киллэрилиннэ. Бу сылтан ыла уопсайа 20 тыһыынча курдук киһи анкетированиеҕа кытынна. Манна сыһыаран эттэххэ, «Онкопоиск» бырагыраамаҕа интэриниэтинэн киирэн, ыйытыыларга хоруйдууллар. Ыйытыылар (анкета) түмүктэрин бырагыраама бэйэтэ быһаарар. Бырагыраама талбыт киһитигэр смс-иһитиннэрии кэлэр, бырааска көрдөрүнэ ыҥыраллар, тустаах анаалыстар туттарыллаллар.
Биир кэрэхсэбиллээх өрүтүнэн, бырагырааманы сахалыы тылга киллэрэннэр, ыйытыыларга хоруйдуур киһи сахалыы хоруйдуур кыахтанна. Эмчиттэр бу бырайыак көдьүүһүгэр олус эрэнэллэр. Ол эбэтэр, ыарыыны 1–2 стадиятыгар була охсон, өлүү уопсай бырыһыана аҕыйыахтаах.

* * *

Исписэлиистэр этэллэринэн, ыарыыны хойутаан булуу биир төрүөтүнэн нэһилиэнньэлээх пууннар ыраахтара, хотугу улуустар Дьокуускайга айаннаан кэлэн диспансерга кэмигэр көрдөрбөттөрө, ыарыыны баалаталлара буолар. Онтон саҥа Киин үлэҕэ киирдэҕинэ, эмтэнэр усулуобуйа тубустаҕына, уопсай көрдөрүүлэр үчүгэй өттүгэр уларыйаллара былааннанар.

Татьяна НИКОЛАЕВА, Онкология киинин кылаабынай бырааһа:

— Онкология саҥа киинэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит онкологияҕа сулууспатын сайдыытыгар уонна мониториныгар сүрүн оруолу ылыаҕа.
Эбийиэги тутуу «Онкология ыарыыларын утары охсуһуу» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн үбүлэнэр уонна Ил Дархан Айсен Николаев улахан өйөбүлүнэн ситиһилиннэ.
Биһиги бүтүн кэлэктиибинэн саҥа дьиэҕэ көһөрбүтүн уонна эмтэнээччилэрбитигэр аныгы таһымнаах көмөнү оҥорорбутун олус күүтэбит.

САНААЛАР:

“Үрүҥ тыыны өрүһүйтэрэр үтүө сурах”

Ирина Харайданова, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы олохтооҕо:
— Аар айылҕабыт айгыраан, киһи аймах өйө-санаата ытыллар олоҕор, өбүгэлэрбит этэллэринии, куһаҕан ыарыы элбээтэ. Орто дойдуга олох олорорго анаммыт киһи дьолун сарбыйар искэн диэн ааттанааччы “ыар ыалдьыт” буулаатаҕына, тулаҕар баар аймах, доҕор дьонуҥ уйулҕалара чарааһыыр, айманар кэмигэр олоробут. Аны билигин эмпит сыаната ыараханын эбэн кэбиһиҥ. Эбиитин тыаттан киирбит дьон көрдөрөөрү халыҥ уочараты кэтииллэрэ, эргэрбит балыыһа дьиэтэ бэйэтэ ыарыһаҕы самнарар, тыыны хаайар көстүүтэ даҕаны куту-сүрү баттыыр буоллаҕа.
Хаһан саҥа балыыһа тутуллан үлэҕэ киирэн үгүс киһи быыһаныа этэй диэн, төһөлөөх дьон кэтэспитэ буолуой?!

Ыарыһахтарга тирэх буолуоҕа

Людмила Колесова, Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо:
— Куоракка онкодиспансер тутуллан үлэҕэ киирэрэ олус наадалаах дии саныыбын. Ордук хоту улуустартан тиийэн көрдөрүнэн, анал идэлээх эмчиттэртэн кэмигэр сөптөөх көмө ыларга эрэбил буолар буоллаҕа.
Холобур, биһиэхэ, Аллайыаха улууһугар, Дьокуускай куораттан диспансеризация кэлэн оҥороллоро эбэтэр олохтоохтор көрдөрүнэ да бараллара олус уустук. Бу диспансер үлэҕэ киирдэҕинэ, анал балыыһаҕа тиийэн көрдөрүнэр ыарыһахтарга улахан тирэх буолуо. Дьон доруобуйатын туһугар Ил Дархаммыт, бырабыыталыстыбабыт көҕүлээһиннэринэн сөптөөх үлэ ыытыллыбыт диэн олус үөрэбин уонна өйүүбүн.

Гостиницалааҕа буоллар

Павел Старостин, Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин олохтооҕо:
— Мин Дьокуускайга онкологическай диспансерга кэлэн доруобуйабын көрдөрүнэ сылдьабын. Бастаан дойдубар Баатаҕай балыыһатыгар эмтэммитим. Онтон направление суруйан биэрэннэр, бу куоракка кэллим. Балыыһаҕа үрдүттэн эмтэнэр гына ылаллара буоллар бэрт буолуо этэ. Биһиги сүрдээх ыраах сиргэ олоробут. Онон Дьокуускайга кэлэрбит да ахсааннаах. Саҥа онкологическай диспансеры Ил Дархаммыт Айсен Николаев көҕүлээн туттара сылдьарын иһиттим. Саҥа балыыһа тутулла турара олох наадалаах дии саныыбын. Өссө баҕа санаам диэн,  мин курдук аймаҕа-уруута суох, ыраахтан, хотуттан айаннаан көрдөрүнэ, эмтэнэ кэлэр дьоҥҥо иһигэр олордор гостиницалаах буолуон баҕарабын. Оччоҕуна
ыарыһахтарга олус абыраллаах да буолуо этэ.

Кэмигэр тутулла турар балыыһа

Зинаида Большакова, Орто Халыма улууһун Сыбаатай биэлсэрэ:
— Бу ыарахан ыарыы олус тэнийдэ. Эдэр, кырдьаҕас диэн араарбат. Онон маннык онкодиспансер тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ ыарыһахтар абыраныахтара. Тупсаҕай
балыыһаҕа үлэлиир эмчиттэргэ даҕаны туһалаах буолуоҕа. Онон олус сөптөөх кэмигэр тутулла турар Киин дии саныыбын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 мая
  • 4°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 41% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: