Онкология саҥа киинигэр 35 тыһыынчаттан тахса киһи көмө ылла

Онкология саҥа киинигэр 35 тыһыынчаттан тахса киһи көмө ылла

01.11.2024, 16:32
Хаартыска: SakhaCov
Бөлөххө киир:

2024 сыл 9 ыйыгар Онкология саҥа киинигэр 35 тыһыынчаттан тахса киһи амбулатория өҥөтүнэн туһанна, бу былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 14% элбэх.

Кииҥҥэ күн аайы араас хайысхалаах эпэрээссийэ оҥоһуллар:  3790 хирургия эпэрээссийэтэ оҥоһулунна, 2150-тан тахса кутталлаах искэн булулунна.

Ыарыыны быһаарар тэриллэр элбээбиттэрэ чинчийии ахсаанын 15 бырыһыанынан улаатыннарда. Ангиограф көмөтүнэн уустук эпэрээссийэлэр оҥоһуллар буоллулар. Маннык үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан оҥоһулуннулар.

Онкология саҥа киинэ аныгы стандартарга барытыгар эппиэттиир. Кииҥҥэ лабораториялар, КТ, рентгент, маммография, эндоскопия уо.д.а. ыарыыны быһаарар тэриллэр бааллар. Үлэһиттэр штаттара икки төгүл кэриэтэ элбээтэ: 200-тэн тахса быраас, орто уонна анал сүһүөх 500 үлэһитэ баар, кинилэр идэлэрин тиһигин быспакка үрдэтинэллэр.

Эмтэнээччилэр киин тупсаҕайын уонна табыгастааҕын бэлиэтииллэр.

Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ – Уһук Илиҥҥэ улахан кииннэртэн биирдэстэрэ. Манна күҥҥэ 210 киһи  сылдьар кыахтаах, 180 куойкалаах сытар балыыһалаах. Киин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубута.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: