Онкология сулууспата кэнники 5 сылга биллэ сайынна

Share

“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  онкология ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырагыраамата  РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан саҕаламмыта.

2018 сыллаахха Дьокуускайга радиотерапия куорпуһа саҥардыллан, куорпус иэнэ 2,5 төгүл улааппыта. Эбийиэк мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн, ол иһигэр рентген симуляторынан, көмпүүтэр томографиятын аппарааттарынан уонна МРТ-аппараатынан сэбилэммитэ. Ону таһынан саҥа отделениелар аһыллыбыттара.

Сотору кэминэн симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар, 180 куойкалаах сытар балыыһалаах Онкология киинэ аанын арыйыаҕа.  26 тыһыынча квадратнай миэтэрэ уопсай  иэннээх эбийиэк 4 блоктаах: поликлиникалаах, эпэрээссийэлиир, сытар  балыыһалаах буолуоҕа.

Саҥа Кииҥҥэ кыра хайаҕаһынан киирэн уустук эпэрээссийэни оҥорор кыахтаах аныгы ангиографическай комплекс  аан бастакытын туруорулунна. Киин Уһук Илиҥҥэ онкология хайысхалаах мэдиссиинэ тэрилтэлэриттэн биир бөдөҥнөрүнэн буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

27 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago