Онкологияҕа амбулатория кииннэрэ көдьүүстээхтик үлэлииллэр
Онкология ыарыыларын утары охсуһуу “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак дьоһун суолталаах хайысхатынан буолар.
Ыарыыны эрдэ булан быһаарыы көрдөрүүтүн улаатыннарарга биир сүрүн хайысханан онкология амбулаторнай көмөтүн кииннэрин тэрийии буолар.
Бэрэсидьиэн бырайыагын чэрчитинэн, Саха сиригэр куорат уонна улуустааҕы балыыһалар баазаларыгар онкология көмөтүн 18 киинэ үлэлиир. 2023 сылга онкология амбулаторнай көмөтүн киинин исписэлиистэрэ 67 тыһыынчаттан тахса киһини көрдүлэр, 5860-ча химиотерапия өҥөтө оҥоһулунна, онколог-быраастар 740-тан тахса кутталлаах искэни буллулар.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан сүрүн онколога Феодосия Иванова уонна Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева салайар хамыыһыйалара сыл аайы бу кииннэр үлэлэрин түмүктэрин таһаарар, кэлэр сылларга былааны уонна соруктары торумнуур, бастыҥ үлэлээхтэри бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: