Онкология саҥа киинэ аһыллан дьон санаата өрө көтөҕүлүннэ
03.02.2024, 10:51
Хаартыска Андрей Сорокин түһэриитэ (СИА).
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, олунньу 2 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Онкология саҥа киинэ аһылынна.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аныгы тэриллэринэн сэбилэммит Онкология киинэ аһыллыбытынан дьоллоохпут. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьоно мантан инньэ ыарыыны эрдэ быһаартарар буолуохтара. Ону таһынан ыарыһахтар өрөспүүбүлүкэ таһыгар барбакка, наадалаах чинчийиилэри миэстэтигэр оҥорторон, эмтэниини кэмигэр саҕалыыр кыахтаныахтара.
Онкология саҥа кииннэммиппитинэн биһиги үрдүкү былааспытыгар улаханнык махтанабыт. Быраастар кэлэктииптэригэр күн аайы дьон олоҕун туһугар үлэлиир ыарахан идэлэригэр салгыы ситиһиилэри баҕарабын», -– диэн Саха сирин олохтооҕо Людмила Захарова үөрүүтүн үллэһиннэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: