Онкоскрининг диэн тугуй?
Итинник ыйытыыны үгүстүк биэрэллэр. Оттон сорохтор бу мэдиссиинискэй чинчийии киһиэхэ онкология ыарыыта баарын-суоҕун быһаарар аналлааҕын биллэхтэринэ, олох да бырааска суруйтарбаттар. Хомойуох иһин, кинилэр күндү бириэмэни мүччү тутуохтарын сөп.
Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын онколог-бырааһа Евдокия Егоровна Степанова онкоскринины хаһан уонна ханна барыахха сөбүн туһунан кэпсээтэ.
«Онкоскринины ханна сыһыарыллыбыт мэдиссиинискэй тэрилтэҕэр хайа баҕарар күн судургутук, түргэнник уонна босхо барыахха сөп. Бастакы түһүмэххэ олорор сиргинэн поликлиникаҕар онкология бастакы сүһүөх кэбиниэтигэр эбэтэр учаастагыҥ терапевт-бырааһыгар кэлэҕин.
Анаалыс туттарарга аһыы илик буолуохтааххын. Онкология кэбиниэтигэр анкетаны толороҕун, онкомаркерга толуон ылаҕын уонна процедура кэбиниэтигэр туттараҕын.
Онкомаркер түмүгэ эйигин чинчийиигэ ыыппыт бырааска бэриллэр. Чинчийии түмүгэр туох эмэ кэһиллии баар буоллаҕына, төлөпүөнүнэн эрийэн, эйигин онкологка эбии көрдөрөргө суруйаллар. Онно кэллэххинэ эн туруккун бэрэбиэркэлииллэр, сүбэ-ама биэрэллэр, КТ-чинчийиигэ, УИЗИ-га, рентгеҥҥэ ыыталлар.
Онкомаркер үс истиэпэнэ: үрдүк, орто уонна үрдээбит диэн баар. Олор ханнык уоргаҥҥар араак баар буолуон сөбүн быһаараллар. Хас биирдии киһи 40 сааһын кэнниттэн хайаан да оноскриниҥҥа сылдьыахтаах.
Ону сэргэЮ сыл аайы диспансеризацияҕа, бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй чинчийиигэ уонна ФЛГ көрдөрүнүллүөхтээх. ФЛГ кутталлаах искэннэри бастакы түһүмэхтэригэр быһаарарга олус улахан оруоллаах.
Санатан эттэххэ, араак эрдэ булулуннаҕына, үксэ эмтэниллэр. Ыарыыны эрдэттэн быһаарыы уонна сөптөөхтүк эмтээһин кутталлаах ыарыыттан толору босхолонорго уонна ыарыы содулуттан куотарга көмөлөһөр. Буоларын курдук, араак өр кэмҥэ биллибэккэ сиир уонна хойутаан биллэрэр. Оттон онкоскрининг араак биллэрэ илик кэмигэр буларга туһалаах. Ол иһин, Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын исписэлиистэрэ сыл аайы онкоскрининг өҥөтүнэн туһанарга сүбэлииллэр. Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, доруобай буолуҥ!»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: