Салгыы
Оҥоойу хаһан аҕыйыыр?

Оҥоойу хаһан аҕыйыыр?

Ааптар:
06.08.2024, 08:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр от ыйыттан оҥоойу «ыһыахтыыр» кэмэ. Биолог, «Якутия» технопарк резиденэ Евгений Попов СИА-гар быйыл бу үөн-көйүүр урукку сыллааҕар төһө элбээбитин уонна хаһан аҕыйыырын туһунан кэпсээтэ.

Эспиэр этэринэн, быйыл оҥоойу элбээбэтэх, ахсаана уруккутун курдук. «Дьиҥэр, оҥоойу уруккутун курдук бу кэмҥэ мэлдьи баар буолар, ону ааһан сылын ахсын улам элбээн иһэр сибикитэ бэлиэтэммэт. Арай сорохтор былырыыҥҥытааҕар лаппа элбээбитин  курдук саныахтарын сөп. Ахсаана эмиэ урукку сылларга курдук уларыйбат. Баҕар, ойуур баһаара сабыдыаллыан сөп эрээри, онтон тутулуктаммат», — диэтэ кини.

«Бу үөн-көйүүр уһуннук олорбот, олорор орто кэмин болдьоҕо — биир ый. Үксүн бу үөн халлаан тымныйан, атырдьах ыйын бүтүүтэ аҕыйыыр», — диэн эбэн эттэ биолог.

Оҥоойу сиэбит сирин суодалаах уунан, уксууһунан, нашатыырдаах испииринэн, «Звездочка» бальзамынан, фурацилиннаах  буокканан сотон, уоскутуохха сөп.

Оҥоойуттан хайдах быыһанабыт?

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: