Оҥоойуттан хайдах быыһанабыт?
От ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйыгар Саха сиригэр оҥоойу диэн кыра үөн «ыһыахтыыр» кэмэ. Буруолаах, кураан сайын, дьэ, олус элбииллэр. Кинилэртэн хайдах быыһаныахха сөбүй?
Бу үөн кумаар эмин да истибэт, саба түстэҕинэ, таҥас быыһыгар кытта киирэн сиир. Чараас тириилээх миэстэлэри — харах, кулгаах, уос чугаһынан ыстыырын сөбүлүүр. Ыстаабыт сирэ иһэн тахсар, күүскэ кыһыйар. Бу оҥоойу силэ дьааттаах буолан, итинник күүскэ ыарытар. Оҥоойуну сорох сиргэ кырдаайы, ньаалаҕай дииллэр.
Хойуу оҥоойулаах сиргэ сирэйгэ сиэккэ, сабыылаах таҥас эрэ абырыыр. Ол да буоллар, дьон араас ньыманы туһана сатыыр.
Үксүгэр «Павловскай сиэккэ» туһалыыр дииллэр. Маны тэҥэ, кириэмҥэ ванилины булкуйан баран, соттоллор. Ванилиҥҥа бастаан сүтэллэр эрээри, сотору кэминэн син биир кэлэллэр.
Өссө биир маннык ньыма баар: «Комарофф» фирма «Лосьон-спрей от комаров» диэн ыстарар сириэстибэтигэр үс хаа ванилины кутан баран, ыстардахха, чугаһаабаттар үһү. Боростуой да ууга үс хаа ванилины кутан баран, ыстардахха, эмиэ куоталлар, үгүстэр бу ньыманы туһаналлар.
Одьукулуоҥҥа гвоздиканы куттахха, эмиэ үргүтэр. 5 кыраам гвоздиканы 15 мүнүүтэ устата оргутан баран, 1 ост.нь. одьукулуоҥҥа 10 хааппыланы кутан, булкуйаҕыт. Бу булкадаһыгы таҥаска, тириигэ биһэҕит (сотоҕут). Олус хойуу сыттаах буолар. Маны тэҥэ, одьукулуоҥҥа лаванда, ваниль, анис, гвоздика, цитронелла эфирнэй арыыларын кутан, эмиэ оҥостуохха сөп.
Сорохтор сэлээркэни, камфорнай арыыны, дьүөкэти туһаналлар. Мас туорааҕын дьүөкэккэ ымньаан баран, уматтахха, балааккаттан, отууттан үүрүөххэ сөп. Аһаҕас беседкаларга бэнтилээтэринэн үрдэрэн, кыйдаталыахха сөп.
«Рефтамид» диэн кумаары суох гынар сириэстибэ эмиэ туһалаах. Ол эрээри, төһө кыалларынан, хиимийэтэ суох сириэстибэлэри туһана сатыахха наада.
Оҥоойу сиэбит сирин суодалаах уунан, уксууһунан, нашатыырдаах испииринэн, «Звездочка» бальзамынан, фурацилиннаах буокканан сотон, уоскутуохха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: