Оҥоойуттан хайдах быыһанабыт?

Share

От ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйыгар Саха сиригэр оҥоойу диэн кыра үөн «ыһыахтыыр» кэмэ. Буруолаах, кураан сайын, дьэ, олус элбииллэр. Кинилэртэн хайдах быыһаныахха сөбүй?

Бу үөн кумаар эмин да истибэт, саба түстэҕинэ, таҥас быыһыгар кытта киирэн сиир. Чараас тириилээх миэстэлэри — харах, кулгаах, уос чугаһынан ыстыырын сөбүлүүр. Ыстаабыт сирэ иһэн тахсар, күүскэ кыһыйар. Бу оҥоойу силэ дьааттаах буолан, итинник күүскэ ыарытар. Оҥоойуну сорох сиргэ кырдаайы, ньаалаҕай дииллэр.

Хойуу оҥоойулаах сиргэ сирэйгэ сиэккэ, сабыылаах таҥас эрэ абырыыр. Ол да буоллар, дьон араас ньыманы туһана сатыыр.

Үксүгэр «Павловскай сиэккэ» туһалыыр дииллэр. Маны тэҥэ, кириэмҥэ ванилины булкуйан баран, соттоллор. Ванилиҥҥа бастаан сүтэллэр эрээри, сотору кэминэн син биир кэлэллэр.

Өссө биир маннык ньыма баар: «Комарофф» фирма «Лосьон-спрей от комаров» диэн ыстарар сириэстибэтигэр үс хаа ванилины кутан баран, ыстардахха, чугаһаабаттар үһү. Боростуой да ууга үс хаа ванилины кутан баран, ыстардахха, эмиэ куоталлар, үгүстэр бу ньыманы туһаналлар.

Одьукулуоҥҥа гвоздиканы куттахха, эмиэ үргүтэр. 5 кыраам гвоздиканы 15 мүнүүтэ устата оргутан баран, 1 ост.нь. одьукулуоҥҥа 10 хааппыланы кутан, булкуйаҕыт. Бу булкадаһыгы таҥаска, тириигэ биһэҕит (сотоҕут). Олус хойуу сыттаах буолар. Маны тэҥэ, одьукулуоҥҥа лаванда, ваниль, анис, гвоздика, цитронелла эфирнэй арыыларын кутан, эмиэ оҥостуохха сөп.

Сорохтор сэлээркэни, камфорнай арыыны, дьүөкэти туһаналлар. Мас туорааҕын дьүөкэккэ ымньаан баран, уматтахха, балааккаттан, отууттан үүрүөххэ сөп. Аһаҕас беседкаларга бэнтилээтэринэн үрдэрэн, кыйдаталыахха сөп.

«Рефтамид» диэн кумаары суох гынар сириэстибэ эмиэ туһалаах. Ол эрээри, төһө кыалларынан, хиимийэтэ суох сириэстибэлэри туһана сатыахха наада.

Оҥоойу сиэбит сирин суодалаах уунан, уксууһунан, нашатыырдаах испииринэн, «Звездочка» бальзамынан, фурацилиннаах  буокканан сотон, уоскутуохха сөп.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Полиция үлэһиттэрэ күнүүлээн такси массыынатын түннүгүн алдьаппыт уорбаланааччыны быһаардылар

Жатай полициятыгар таксист билбэт киһим эрдэттэн оҥостон үлэлиир массыынабын алдьатта диэн иһитиннэриилээх тиийбит. Сайаапканы суруйааччы…

1 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ил Дархан Рома Марков Саҥа дьыллааҕы баҕа санаатын толордо

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Ил Дархан оробуочай сырыынан Таатта улууһугар  үлэлээтэ. Айсен Сергеевич Ытык Күөлгэ…

26 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахтар эр киһиттэн көрдөрбүтүнэн харчытын уорбут

Ньурба улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи кэлэн киниттэн 6 тыһ. солк. аһаҕастык уорбуттарын туһунан…

49 минут ago
  • Сонуннар

Тэйиччиттэн угуйугу тарҕатааччылар дохуоттарыттан 3% бүддьүөккэ ыытыахтара

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду туһанааччыларыгар туһаайыллар тэйиччиттэн угуйугу (онлайн-реклама) тарҕатааччылар кыбартаалга дохуоттарыттан 3% федеральнай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саҥа дьылынан, бэтэрээн» аахсыйа саҕаланна

Саха сиригэр "Саҥа дьылынан, бэтэрээн!" диэн аахсыйа саҕаланна. "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа уонна "Кыайыы волонтердара"…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга үстүү игирэлээх икки ыал оҕолорун үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаардылар

Дьокуускайга Саҥа дьылы көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа перинатальнай киинигэр – Мэдиссиинэ национальнай киинигэр сэтинньи…

2 часа ago