2023 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр Саха сирин мөлүйүөн ахсааннаах олохтооҕо төрөөбүтэ. Бу күнү хас сыл күүппүппүтүй, демографияҕа төһөлөөх үп көрүллүбүтэй!
Онуфриевтар иккиэн “АЛРОСА” хампаанньаҕа үлэлииллэр. Арина Орто Халыматтан төрүттээх, уончалаах эрдэҕинэ, Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ. Төрөппүттэрэ куоракка бааллар, икки бырааттаах. ХИФУ геологическай факультетын бүтэрбитэ, гидрогеолог идэлээх. “Якутнипроалмаз” бырайыактыыр институтугар үлэлиир.
Гаврил Бүлүү Хампатыттан төрүттээх. ХИФУ физическэй-тиэхиньиичэскэй факультетын бүтэрбитэ. “АЛРОСА” алмааһы наардыыр киинигэр үлэлиир. Дьоно Хампаҕа олороллор.
Уоллаах кыыс идэлэринэн Мииринэйгэ үлэлии кэлэн баран, чугастык билсэн, таптаһан, 2012 сыллаахха ыал буолбуттара. Улахан кыыстара төрөөбүтэ.
-Мииринэйгэ олорор үчүгээй, — диир Арина. – Оҕолорго наһаа үчүгэй, туох барыта баар. Бассейн, бибилэтиэкэ, киинэ тыйаатыра, поликлиника, оҕо былаһаакката барыта чугас турар. Көбүс-көнө суоллардаах, күп-күөх куорат. Дьон-сэргэ оҕоҕо сыһыана олус сылаас, эйэҕэс. Кэлэр сылы Владимир Путин Дьиэ кэргэн сылынын биллэрбитин олус биһирээтибит, бары өттүнэн сөптөөх быһаарыы буолар.
Санатар буоллахха, 1985 сыллаахха аан бастаан мөлүйүөн ахсааҥҥа тиийэ сылдьыбыппыт. Онтон уларыйыы-тэлэрийии буолбутугар, үгүс дьон киин сиргэ көһөн барыталаабыттара. Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ ахсаана көҕүрүү турар кэмигэр, чуолаан Саха сиригэр эбиллии буолара үөрүүлээх суол. Онон өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылын киэҥник бэлиэтээн баран, мөлүйүөн ахсааны сиппиппит, аны бааттаах кыысчаан саха сайдам ыалыгар төрөөбүтэ үс бүк үөрүүлээх.
Үөрүүлээх сураҕы истээт, “АЛРОСА” хампаанньа 2,4 мөлүйүөнү биэрэн, ипотеканан ылбыт дьиэлэрин кирэдьиитин толору сабан кэбиспиттэрэ. “Алмаасэргиэнбаан” кыыс кэлин үөрэнэригэр диэн 1 мөлүйүөнү анаабыта. Бу хапытаал сыллата 8% эбиллэн, үүнэ-үрдүү сытар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…