Оо, сайылык барахсан!

Оо, сайылык барахсан!

Ааптар:
22.05.2024, 09:00
Оксана Бурнашева (Уус Алдан) түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха киһитигэр самаан сайын кэлиитэ, сайылыкка көһүү кэрэ да өйдөбүл буоллаҕа!

Аар айылҕа ситэн аҕай турар! Кэрии тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйар. Күөх халлааҥҥа күөрэгэйбит ыллаан дьурулатар. Сыһыылар — хонуулар дьикти бэйэлээх дьэрэкээн сибэккинэн симэнэллэр. Дьэ маннык үтүө кэмҥэ сайылыкка көһүү буолааччы.
Мин, сайылык оҕото, санаан кэллим үүттүгэннээх Үрүҥ үөт сайылыкпын!
Оо, оччолорго, сайылыкка көһүү биһиэхэ, пиэрмэ оҕолоругар, улахан бырааһынньык буолара. Сарсыарда эрдэ туран, аҕабыт оҕус сыарҕатыгар наадалаах малы-салы тиэйэн кэлгийэрэ, барыбытыгар өлүүлээн ол-бу сээкэйи туттарара. Мин улахан алтан чаанньыгы тутан, эйэҥэлэтэн-салыбыратан биэрэрбин өйдүүбүн. Убайдарым пиэрмэ сүөһүтүн үүрсэн эрдэ бараллара. Ийэлэрбит барахсаттар эмиэ эрдэ тиийэннэр алаадьы астаан, күөрчэх ытыйан тоһуйаллара. Мин кыра бырааттарбын кытта сыарҕалаах оҕустан хаалымаары, сүүрэр-хаамар былаастаах батыһарбыт.
Сайылыкпыт күөх ньаассын отунан долгулдьуйан, сибэккинэн симэнэн, түптэ буруотунан унааран, алаадьы сытынан тунуйан көрсөрө! Тиийээт да, күөх окко күөлэһийэрбит, тиэрэ сытан күөх да күөх, ып-ыраас халлааны одуулуурбут, күөрэгэй «дьири-дьир» ыллыырын истэрбит. Дьэ ол кэнниттэн сайылык сөрүүн дьиэтигэр киирэммит, алаадьыны күөрчэххэ оймуу — оймуу сиэн мотуйарбыт!
Сайылык оҕото анал үлэлээх буолара: амынньыар хомуйуута, титииги харбааһын, тамыйахтары мэччитии, уулатыы, элгээнтэн оҕуһунан, биитэр илиигинэн уу баһан аҕалыы о. д.а. Саамай эппиэттээх үлэбит — оҕо көрүүтэ. Оччолорго дьиэ аайы уончалыы оҕо баара. Кинилэри көрүү-истии, бостууктааһын — бу обургу оҕо эппиэтинэһэ.
Киэһэ уу чуумпуну бостуук сайдыыр саҥата сайылыгы толорон кэбиһэрэ. Киэһээҥҥи ыам саҕаланнаҕа ол! Титиик иһигэр үлэ-хамнас оргуйа түһэр: ким ынах ыыр, ким торбос этэрэр, ким ынах синньин сууйар. Обургу оҕолор ийэлэрбитигэр көмөлөһөн, сымнаҕас эмиийдээх ынаҕы ыыбыт.
Итинник этэ сайылык олоҕо сэбиэскэй кэмҥэ.
Оттон билигин атын кэм. Үчүгэй тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сайылыктааһын бырагырааматын олоххо киллэрэн, аныгылыы тииптээх сайылыктары туталлар, араас боруода ынахтары иитэннэр эт-үүт эгэлгэтин оҥороллор, төрүөҕү тупсараллар! Аныгы ыанньыксыт үлэтэ быдан чэпчээтэ: урут биһиги ийэлэрбит 20-лии ынаҕы илиинэн ыыллара, оттон билигин ынаҕы аппараатынан ыыллар. Үүт — арыы собуоттара үлэлииллэр. Хотуобай бордууксуйаны дьон маҕаһыынтан атыылаһан аһыыллар. Сүөһүтэ да суох дьон үүт аһылыгы быспаттар: үүт, сүөгэй, чөчөгөй, тубуорак, чохоон сандылыга тобус-толору!

Саҥа сайылык сайдыылаах сахата! Эн үүт үрэхтэри үрүлүтэ сүүрдэҥҥин, эмис эти дэлэтэҥҥин, төрөөбүт норуоккун иҥэмтиэлээх аһынан аһатаҕын, кини инники кэскилин кэҥэтэҕин!
Хайдахтаах киэн туттунуулаахтык дуораһыйалларый норуодунай суруйааччыбыт Софрон Данилов өлбөт — сүппэт тыллара:
Айхал эйиэхэ,
үлэһит киһиэхэ,
Эн бүгүҥҥү күҥҥүн
уруйдаан ыллыыбын,
Эн сарсыҥҥы күҥҥүн айхаллыыбын!

Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: