Салгыы
“Оонньообуттара” оһуокай буолбатах

“Оонньообуттара” оһуокай буолбатах

07.10.2022, 15:24
Бөлөххө киир:

Бырачыастары кыраныысса таһыттан тэрийбиттэр

Дьахталлар хомууру утарбыт “оһуокайдарын” кыраныысса таһыттан күөттээбиттэрэ чахчы эбит. Социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт скриншоттарын көрдүм. Быстах кэмҥэ санаалара муунтуйбут, долгуйбут кыргыттарбытын, кэрэ аҥаардарбытын барахсаттары уган биэрбиттэр. Ити майдан технологиялара.

Царьград диэн сайт суруйарын, Дагестаҥҥа буолбут аймалҕаны тастан үбүлээбиттэр. Кимэ-туга биллибэт, анонимнай телеграмм-каналлар нөҥүө араас хобу-сиби, күөттүүр информацияны ыыталлар эбит. Холобура, айдааны тардыбыт «Утро Дагестана” диэн телеграмм-канал счетугар айдаан кэмигэр 8 мөл. солк. сытарын булбуттар. Бу ким, хаһан маннык харчыны туох сыаллаах ыыппытын спецсулууспаларбыт бука интэриэһиргииллэрэ буолуо…

Маны утары Куттала суох интэриниэт лигатын (Лига безопасного интернета) дириэктэрэ, Арассыыйа Уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ Екатерина Мизулина тастан ыытыллар информационнай сэриини ыраас мууска ууран биэрэр эбит. Телеграмм-каналга араас информационнай атаакалар, бэл экстремистии (военкоматтары уматарга ыҥырыылар) дьайыылар туһунан аһаҕастык биэрэ олороллор. Чахчы информационнай сэрии буола турар. Ону өйдөөн.

Саха сиригэр уонна Бурятияҕа бырачыастары «Свободная Бурятия» уонна «Свободная Якутия» пуондалар иилээбиттэр-саҕалаабыттар. Бу пуондалар дьон харчытын хомуйуунан эрэ дьарыктамматтар. Пуондалары Арҕааҥылар үбүлүүллэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Бу пуонда бэрэстэбиитэлэ билигин Польшаҕа олорор «Якутск вечерний» урукку суруналыыһа Раиса Зубарева (Арзаева) социальнай ситимнэринэн бар дьоҥҥо араас туһаайыы оҥорор, украинскай телеканалларга уҥа-хаҥас интервью биэрэр. Маннык курдук дьон антах олорон биир дойдулаахтарын күөттүүллэр. Бэйэлэрэ кыраныысса нөҥүө олороллор, уорганнар уһун илиилэрэ онно кыайан тиийбэт, оттон маннааҕы оҕочоостору, «кылгас астаахтары» уган биэрэллэр. Көҥүлэ суох миитиҥҥэ хас кыыс тутуллан, хата, ыстыраабынан эрэ билиҥҥитэ куотунна?

“Оһуокайы” информационнай өттүгэр эмиэ хото туһаннылар. Буолаатын кытта араас омук телеканаллара аан дойдуга тарҕата оҕустулар. Сахалар хомууру утаран эрэллэр диэн. 1986 с. айдааны «Голос Америки» биэрэ охсубутун саастаах дьон билэр буолуохтааххыт. Итинник күүркэтии, тарҕатыы информационнай сэрии тутаах тэргэнэ (пушката) буолар. Онно “таптарбыт” дьон, айманар, «һуу-һаа» буолар… Уйулҕата хамсыыр… Бас-баттах быһыыланыан сөп…

Бырачыастыыр акцияҕа ыҥырыы скриншотторун көрдөххө, анал өҥнөөх өрөбүлүүсүйэлэр технологиялара, инструкциялара туттуллубуттар. Бастакыта, иккиһэ… Маннык гыныҥ, оннук гыныҥ…

“Болуоссакка тиийэн баран күүлэйдии сылдьар курдук туттуҥ. Оһуокай саҕаланнаҕына тоҥолох тоҥолоххутуттан күүскэ тутуһан туруҥ. Полициялар оһуокайы ыһартан толлуохтара. Төһөнөн уһуннук буолар да соччоно үчүгэй. Тохтоотулар да анаан бэлэмнэммит речевканы саҥарыҥ. Речевкалары ыытыахпыт. Оһуокайдьыттары булуҥ. Саастаах дьон сахалыы таҥнан кэллиннэр. Сахалыы таҥастаах кырдьаҕастары полиция хам-кум тутан бардаҕына, ити видео аан дойдуга тарҕаныаҕа. Саха норуотун геноцидтаан эрэллэр диэхтэрэ»… Сахалыы итинник тылбаастыахха сөп. Сорох скриншоттары угабын.

Онон, доҕоттор, аныгы информационнай сэриигэ сиэртибэ буолумаҥ. Кыраныысса таһыгар олорон тугу баҕарар туойуохтара, кигиэхтэрэ, ускайдыахтара. Угаайыларга, соруйан киксэриигэ киирэн биэримэҥ!

Уруһуй https://pikabu.ru/ сайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: