Оонньот—үөрэт: Абыраллаах азбука баар!

Share

Атырдьах ыйа бүтүөҕэ, балаҕан ыйыттан турар-турбат оскуола олоҕунан олороро саҕаланыа. Ордук быйыл оскуолаҕа киирбит кыралаахтар болҕомтолоро күүһүрэр кэмэ кэлээри турар. Ону сэргэ эһиил киириэхтээх оҕолору уһуйааҥҥа иитэр-сайыннарар үлэлээхтэр эмиэ син биир оскуола бырагырааматыгар куруук чугастара үөрдэр.

Быйыл сайын “Сахалыы азбука” атыыга тахсыбытын ылан көрдүм. Урут мин учууталлыырым саҕана күнүс тымтыктанан да сахалыыны булбат этиҥ. Ол иһин кумааҕы хордуонунан бэйэбит оҥорорбут, өҥнөөх кыраасканан ойуулаан суруйарбыт. Итини оҕо наһаа сөбүлүүр буолара.

Оттон бу азбукабыт сиэдэрэйэ бөҕөтө! Ойуута-оһуора кэрэтин таһынан, “саҥалаах” эбит. Оҕоҕо бэйэтигэр төлөпүөнүнэн буукубатын туһаайан биэрдэргит хоһоонунан субуйан саҥаран барар, дорҕоон хайдах этиллэрин хатылатар. Биир тылынан этэн, ыйан, көрдөрөн биэрэр! Оччотугар кыра киһи оонньуу олорон элбэҕи сүүйэр, бэртээхэй ойууну көрөн кэрэхсиир, туох буукуба суруллубутун билэр, хоһоонун нойосуус өйүгэр хатыыр, устунан тыл таһааран ааҕан барар!

Саамай сөбүлээбитим диэн, субу кубиктаргауһатыылаах аһаҕас дорҕооннору кытта дифтоннар эмиэ бааллара! Итини көрө үөрэммит кырачаан соһуйбат уонна тылы таһаарарыгар сыыстарбата дьэҥкэ. Холобурга эттэххэ, 3 саастаах сиэн кыыс хаһыс да күнүн букунайан бэйэтэ оонньуур уонна чоп курдук хоһооннорун үтүктэр буолан эрэр. Ийэтэ сотору, көрбөхтүү түспүтүн кэнниттэн,кубиктары кэккэлэһиннэрэн, тылы таһааран, устунан аахтаран көрүөм диир. Онон биһиэхэ эмиэ эспэримиэн буолла.

Кылаабынайа оҕо болҕомтотун наһаа тардар, үлүһүтэр эбит. Ойууларын сэҥээрэн көрөр, билбэтин ыйа-ыйа үөрэр, “эбисийээнэ” диир. Ол аата маннык куобаҕы, баҕаны-саһылы да буоллун,кыралар бэркэ ылыналлар эбит диэн үөрэбин.

Онон үөрэтэргэ судургу, умсугутуулаах кубиктар эһиэхэ эмиэ туһаны үксэттиннэр диэн алгыыбын. Ааҕарга үөрэтэр куруук уустук, ордук сахалыы ааҕары ыарырҕатааччылар, туох эрэ мааһын табыахха диэри батыллан олорооччулар. Тоҕотун учуутал да ардыгар өйдөөччүтэ суох. Оттон бу оонньуур кубиктар туһалара бэйэлэригэр холооно суох сүдү буолсу!

Анньыыһын Неустроев

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

3 часа ago