Оонньуу… «Дьиэҕиттэн күрээ…»

Share

Балаҕан ыйыгар Казахстан бөдөҥ куоратыгар Алматыга хас да оҕо бэйэтигэр тиийинэн өлбүтүн кэннэ улахан аймалҕан буолбута. Социальнай ситимнэргэ төрөппүттэр бу иэдээн төрдө туохха сытарын көрдөөһүннэрэ саҕаламмыта, сабаҕалааһын быһыытынан мобильнай сыһыарыыларга, Telegram-чаттарга, кинигэлэргэ баар кутталлаах оонньуулар буолуохтарын сөп диэбиттэрэ.

“Бабат-татат дии түһээт, толкуйдаатым”

Биир кутталлаах оонньуунан билиҥҥи кэмҥэ «Schoolboy Runaway» оонньуу ааттаммыта. Сотору­тааҕыта социальнай ситимҥэ биир төрөппүт бу оонньуу нэһи­лиэктэрбитигэр тиийэ кэлбитин туһунан дьиксинэн суруйбута.

Куорат олохтооҕо Татьяна кэпсиир: “Оҕобор урут бастакы миэстэҕэ үөрэҕэ турар этэ. Билигин оскуолаттан кэллэ да, оонньуу үрдүгэр түһэр буолбутун бэлиэтии көрдүбүт. Уруокпун кэлин ааҕыам диирэ, бэрэбиэркэлээн көрдөххө, сороҕор олох да аахпата көстүбүтэ. Биирдэ хоһугар киирэн, тугу оонньуурун көрдүм. «Schoolboy Runaway» диэн оонньуу эбит.  Муодарҕаан, интэриниэккэ хаһан көрбүтүм, уруогун аахтара сатыыр төрөппүттэртэн хайдах дьиэттэн күрүөххэ сөбүн туһунан үөрэтэр оонньуу эбит. Дьэ бабат-татат дии түһээт, толкуйдаатым. Психологтар сүбэлэрэ баар, бастаан олору аахтым. Киэһэ наллаан олорон, оҕобун кытта кэпсэттим. “Ийээ, бу оонньуу, мин бүтэрдим да тохтотуом”, –  диэтэ оҕом. Ол да буоллар, үөрэх, бастатан туран, наадалааҕын кэпсэттибит. Оонньууну бүтэрдэ да, тохтотуох буолла. Онтон ыла хонтуруолга ыллаҕым дии”.

«Schoolboy Runaway». туохха туһалыыр, үөрэтэр оонньуунуй?

Атырдьах ыйын 1 күнүгэр VK Play-гэ Антон Шульгин оҥорбут «Schoolboy Runaway» (туруору тылбааһа – оскуола оҕото дьиэтиттэн күрээһинэ) оонньуута тахсыбыт. Ону оскуо­лаҕа үөрэнэр оҕолор ытыстарын үрдүгэр түһэрэн ылбыттар, Google Play-гэ аан дойду үрдүнэн хайыы үйэ 10 мөл. тахсата хачайдаммыт. Санааны этиигэ 500-тэн тахса хай­ҕаан суруйуу баар, сыаната – 10 баалтан 9,4 баалы ылар. Бу олус үрдүк көрдөрүү. Оонньуу харчылаах, VK Play платформатыгар 198 солк. турар. Үлэлиир киһиэхэ улахан суума буолбатах, онон оҕо харчы көрдөөтөҕүнэ, элбэҕи ыйыппакка биэрэҕин.

Дьэ тоҕо бу оонньууну оҕолор сөбүлээтилэр? Оонньуу сүрүн дьоруойа – “2” сыанаҕа үөрэнэр орто кылаас үөрэнээччитэ Андрей. Мөлтөхтүк үөрэнэр төрүөтэ – көмпүүтэргэ оонньуурун ордорор. Ол иһин ийэтэ Андрюшаны уруоккун аах диэн кытаанахтык күһэйэр.Сотору геометрияҕа хонтуруолунай буолуохтаах, уол ону туттарымаары дьиэтиттэн күрүүргэ быһаарынар. Арба да, уолбут үрдүк олбуордаах коттеджка олорор. Оонньуу быраабылатынан күрүүргэ быһаарынна да, кинини үспүйүөннүү олох кэтэһэр. Аҕатын массыынатын күлүүһүн уоран ылыахтаах, ыт үрбэтин курдук биллэрбэккэ уулуссаҕа тахсыахтаах. Өскөтө төрөппүттэрэ тутан ыллахтарына, уруоккун аах диэн олордоллор, эбиитин муоста сууйтараллар. Үстэ тутулуннаҕына, оонньуу саҥаттан саҕаланар.

Оҥорбут дьон, бу оонньуу оҕону  дьаныардаах буоларга, тулуйан-тэһийэн олорорго үөрэтэр дииллэр. Адьас тулуурдаахтар эрэ тиһэҕэр тиийэннэр, Андрейы төрөппүттэрин кэһэтиилэриттэн быыһыах­таахтар.

Кириитикэлээччилэр туох дииллэрий?

Психологтар олус дьиҥнээх, олоххо баар түгэни көрдөрөр оонньуу диэн дьиксинэллэр. Уол ийэтэ аһара кырыктаах, кыра да буруйга кэтэххэ биэриэн сөп. Оттон аҕата уолун үөрэҕэр-иитиитигэр соччо ороос­пото көстөр, баара-суоҕа да биллибэт. Оонньууга баар үгүс көстүүнү саарбахтыахха сөп гынан баран, элбэх төрөппүт, оҕону куһаҕаҥҥа үөрэ­тиэн сөп оонньуу диэн дьиксинэр. Манна сорох психологтар атын көрүүлээхтэр: оҕоҕун кытта итэҕэйсэр, кини кыһалҕатын өйдүүр, тэҥҥэ быһаарсар, кэпсэтэр буоллаххына, киниэ­хэ дьиэтиттэн күрүүр санаа киириэ суоҕа. Оттон оонньууга төрөппүттэр бэйэлэрин курдук дьону көрбүт буоллахтарына, иитии туһунан бэйэлэрэ толкуйданыахтарын, көрүүлэрин уларытыахтарын наада дииллэр.

Оонньуулары ким хонтуруоллуур?

Интэриниэт суох кэмигэр улааппыт билиҥҥи саас­таах көлүөнэ социальнай ситимнэргэ хайдах курдук төрөппүт көрүүтэ суох көҥүл босхо улааппыттарын, ардыгар кутталлаах сырыылары да сылдьалларын, оонньуулларын, ким да кинилэри хонтуруоллаабатаҕын киһиргии былаан кэпсэтэллэр. Көмпүүтэр иннигэр олорор оҕолорун, сиэннэрин түүрэйдииллэр. Ол эрээри бу оҕолор кинилэртэн итэҕэһэ суох кутталлаах оонньуулары дьиэлэригэр олорон оонньуулларын билбэппит. Кистэл буол­батах, улаатан эрэр оҕолор ханна да барбыттарын эппэккэ сүтэн хаалан, төрөппүттэрэ көрдөөн социальнай ситимнэргэ аймалҕаны таһаараллар. Сотору кэминэн көстөн, бука бары уоскуйа түһэбит, лайк бөҕө туруорабыт. Оттон бу кэтэҕэр «Schoolboy Runaway» оонньуута да суох туох бара турара биллибэт ээ. Онон маннык оонньуулар салгыы өссө элбээн, сюжеттара өссө “дьии­кэй” буолан иһиэҕин ким хонтуруоллуур? Аҥаардас төрөппүккэ уонна психологка сэлээннээн баран олоробут дуо?

Треш-стрим саатар эрэ бобулуннун

Быйыл 2024 сыллаахха Судаарыстыбаннай Дуума таһымыгар треш-стрим бобулунна, атырдьах ыйын 8 күнүгэр Владимир Путин илии баттаата. Бу быһа эпиир, манна ыытааччы төһөнөн дьону соһутар, сааратар, шоктуур да, соччонон киниэхэ  харчы ыыталлар, ол туһугар бэйэтин да, чугас да дьонун кутталлаах турукка киллэриэн эбэтэр атаҕастыан сөп. Өссө ааһа баран, көрөөччүлэр бэйэлэрэ оннук гын, маннык гын диэн ыытааччыны сакаастаһаллар, күлүү-элэк оҥостоллор. Хайыаҕай, харчы туһугар кэрээниттэн тахсыбыт киһи ол дьонун көччүтэригэр тиийэр. Бу треш-стрим кэмигэр дьон эчэйбитэ, ааһа баран өлбүт түбэлтэлэрэ кытта баар, онон төрүт оҕо оонньуута буолбатах.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитин да треш-стрим тумнубатаҕа. Былырыын күһүн ютуб быһа эпииригэр алтыс этээстэн биир кыыс  түөрт куоска оҕотун быраҕан турар, көрдөөтөххө, атын да түбэлтэлэр баар буолуохтаахтар. Онон сокуонунан бобуллубутун быһыытынан, треш-стрими тарҕатааччыларга улахан ыстараап түстэ.

Быһа эпиири ыытарга туттар малларын былдьаан туран, көннөрү дьоҥҥо тарҕаталларын иһин административнай ыстараап – 50-100 тыһ. солк.,

дуоһунастаах дьоҥҥо – 100-200 тыһ. солк.,

тэрилтэлэргэ – 800 тыһ. солк. – 1 мөл солк.

Людмила Демихова, оҕо психолога:

– Маннык оонньуулар хайдах оҕоҕо дьайалларый? Өскөтө дьиэ кэргэҥҥэ оҕону мөрөйдүү, мөҕө-этэ сылдьар, кырбыыр буоллахтарына, бу оонньуу төрөппүт хонтуруолугар хайдах утарылаһарга үөрэтиэн сөп. Дьиэттэн күрээн, төрөппүтү кэһэтэр, накаастыыр, оттон бэйэтин оонньуу дьоруойун курдук сананыыга тиэрдиэн сөп. Маннык оонньууларга ордук бэйэтигэр эрэлэ суох, өйүгэр оҥорон көрө-көрө ытырыктатар, сүпсүгүрэр оҕо оонньууну кырдьык курдук ылынан, иһигэр киирэн, кинилэр курдук күүстээх, кыахтаах буолуон баҕаран үтүктүө. Эбэтэр саастыылаахтарын ортотугар көстө-биллэ, болҕомто ыла сатыыр оҕо бу оонньуунан бырачыастыырын биллэрэрин эбэтэр кинини билинэллэригэр кыах биэрэрин курдук сананыа. Онон виртуальнай эйгэ мөкү сабыдыалыгар оҕотун киллэриэн баҕарбат төрөппүт кинилэри кытта аһаҕастык кэпсэтэ, туох интэриэстээхтэрин көрө-билэ сылдьара наада. Сыыспыт да буоллаҕына, мөхпөккө быһаарсыҥ. Оччоҕо эрэ икки өттүттэн ытыктаһыы, өйдөһүү, өйөһүү үөскүүр.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

9 часов ago