Салгыы
Оонньуулары сэҥээрдилэр

Оонньуулары сэҥээрдилэр

Ааптар:
08.07.2024, 10:00
Хаартыскаҕа Айталина Аргунова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ  «Этнокампус. Арассыыйа норуоттарын оонньуулара» диэн бырайыага түмүктэннэ.

Бырайыагы дьон-сэргэ кэрэхсээтэ, сөбүлээтэ. Манна араас оонньууга кыттыһары сэргэ, өссө норуоттар олохторун-дьаһахтарын, култуураларын, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын туһунан сэҥээрэн иһиттилэр.

Тэрээһиҥҥэ Новосибирскай уобалаһыттан кэлбит Елизавета уонна Иван Усовтар ыалдьыттаатылар. Блогердар нуучча норуотун фольклорун чинчийэллэр уонна ол туһунан үөрэнээччилэргэ олус интэриэһинэйдик кэпсээтилэр. Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыалдьыттаатылар. Онно кинилэргэ анаан экскурсия тэрилиннэ. Каролина Парфенова куукулаларын быыстапкатын, төрүт олохтоох хотугу норуоттарга аналлаах быыстапканы, о.д.а. сөҕө, сэргии көрдүлэр.

Ити курдук, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ Туймаада ыһыаҕыттан саҕалаабыт тэрээһинэ «Азия оҕолоругар» эмиэ таһаарыылаахтык үлэлээтэ, дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.

Хаартыскаҕа Айталина Аргунова түһэриитэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: