ОПЕК+ ньиэби экспортыыр дойдулар холбоһуктара (Арассыыйа киирсэр) Венаҕа бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр, көрсөллөр.
2020 сыл кулун тутар ыйыттан бу бастакы сирэй көрсүһүү. Bloomberg уонна Reuters суруйалларынан, ОПЕК+ чилиэттэрэ ньиэп уопсай хостооһунун сууккаҕа 1 мөл.баррель кэриҥэ кыччатарга сүбэлэһэр былааннаахтар. Бу аан дойду экэниэмикэтэ эрдэ былааннаммытынааҕар түргэнник бытааран эрэриттэн буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Сонуну тарҕатар ааҕыныстыбаларын итэҕэллээх источниктара “кыччатыы туһунан бүтэһиктээх быһаарыыны алтынньы 5 күнүгэр ыытыллар мунньах иннинэ ылыахтаахтар” диэн кэпсээбиттэр.
Кэнники кэмҥэ ньиэп сыаната биллэрдик үрдээн баран төттөрү намтаан эрэр. Бу сайын ньиэп “brent” мааркатын сыаната баррель иһин 100 дуоллартан аллараа түспүтүгэр ОПЕК+ кыттыылаахтара ньиэп хостооһунун сууккаҕа 100 тыһ. барр. кыччатарга быһаарыныы ылбыттара. Аан дойду экэниэмикэтэ хамсык охсуулаах дьайыытын кэнниттэн өрүттэр тэтимэ лаппа намтаан эрэрэ көстөр.
Манна даҕатан эттэххэ, Евросойуус дойдулара Арассыыйаны утары сааҥсыйа ахсыс пакетын сөбүлэспиттэр. Сааҥсыйа быһыытынан российскай ньиэпкэ үрдүкү сыана олохтонуохтаах (потолок цен). ОПЕК+ ньиэби аччатара бу пакет үлэлээбэтигэр тиэрдэр диэн аналитиктар суруйаллар. Саудиттары ньиэби элбэтэллэрин туһугар бу сайын АХШ бэрэсидьиэнэ бэйэтин тылыгар киллэрэ сатаабыта да сатамматаҕа.
Саудиттарын оруолларын туһунан бу матырыйаалга ааҕыҥ:
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…