Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыра сэтинньи 25-26 күннэригэр П.И.Чайковскай “Иоланта” оператын тифло-испэктээгинэн аан бастаан көрдөрүөҕэ.
Быйыл тыйаатыр “Ускуустуба, наука уонна успуорт” аһымал пуонда “Ураты көрүү” (“Особый взгляд” ) бырагырааматыгар Грант сүүйбүтэ. Грант мөлтөхтүк көрөр дьону өйүүр сыаллаах-соруктаах. Ол эбэтэр харахтарынан мөлтөх дьон көрөр саалаҕа кэлэн, тыйаатыр ускуустубатын билсэр кыахтаналлар.
Тифло-испэктээктэр – Арассыыйаҕа саҥа тарҕанан эрэллэр, дьиҥэр, маннык көстүү Европа тыйаатырдарыгар уруккуттан баар.
И.Н.Егоров-Горнай аатынан хараҕа суохтар уонна мөлтөхтүк көрөр дьон өрөспүүбүкүлэтээҕи анал бибилэтиэкэлэрин медиа уонна тифлотехнология отделын сэбиэдиссийэ, үрдүк категориялаах исписэлиис Евдокия Николаевна Герасимова “Иоланта” испэктээк туһунан тифло-быһаарыыны оҥордо. Маннык уопут Опера тыйаатырыгар аан бастаан бэлиэтэнэр.
Манна сыһыаран эттэххэ, П.И.Чайковскай либреттота Иоланта диэн хараҕа суох кыыс туһунан кэпсэнэр. Бу өлбөт-сүппэт классика туруорааччы-режиссера Татьяна Саввинова эппитинэн, опера сүрүн тиэмэтэ “хараҥаттан — сырдыкка” диэн санааны этэр. Улахан болҕомто Иоланта олоҕун хайдах ылынарыгар ууруллуоҕа.
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…