Салгыы
Оптуобус бырайыаһын 45 солкуобайга үрдэтэргэ этии киирдэ

Оптуобус бырайыаһын 45 солкуобайга үрдэтэргэ этии киирдэ

22.12.2022, 20:30
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын систиэмэтин саҥардыы чэрчитинэн, «СоюзАвто» тэрилтэ оптуобус бырайыаһын 45 солкуобайга диэри үрдэтэр туһунан этии киллэрдэ. Оптуобуһунан таһааччылар этэллэринэн, бу сыана үрдээһинэ уопсастыбаннай тырааныспары көрүү-истии, сапчаас, уматык сыаната үрдээн иһэринэн төрүөттэнэр. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр иһитиннэрдэ.

Уопсастыбаннай тырааныспар — киин куорат биир саамай сытыы кыһалҕата. Быйыл төһө да 100 саҥа оптуобус кэлбитин иһин, ол тиийбэт. Оптуобуһу көрөргө-истэргэ олус улахан суума барар, уматык, сапчаас сыаната ыараан иһэр. Үчүгэй оптуобустарга айанныахпытын баҕарар буоллахпытына, суоппардар дьоһуннаах хамнастаналларын туһугар, бырайыас сыанатын үрдэтиэххэ наада. «СоюзАвто» итинник этиилээх. Ол эрээри, бу эмискэ олус улахан үрдээһин, инфляция чэрчитинэн буолуохтаах дии  саныыбын. Онон бу боппуруоһу өссө да быһаарсыахпыт, — диэн мэр Евгений Григорьев эттэ.

Ону тэҥэ,  оптуобустар сылдьар хайысхалара эмиэ уларыйыаҕа. Билиҥҥи маршруттар 90-с сылларга оҥоһуллубуттар. Куорат кэҥээн иһэр, уларыйар. Онон сибээстээн, куорат дьаһалтата научнай-чинчийэр үлэни ыытар. Дьон ханнык маршрукка наадыйара, ханна-туох тиийбэтэ барыта үөрэтиллиэҕэ. 2023 сыл ортотуттан саҥа маршруттар баар буолуохтара. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: