Оптуобус көдьүүстээх айанын туһугар
Куорат мээрэ Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр оптуобус сырыытын уларытыы өр толкуйтан, ырытыыттан саҕаламмытын, эспиэрдэри кытта араас кэпсэтии, дьүүллэһии эрдэттэн барбытын бэлиэтээтэ.
«Биһиги уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин быстах санаанан, тута толкуйдаат да уларыта туппакка, анаан чинчийии үлэтин ыыппыппыт. Ол түмүгэр бу суолталаах уларытыыны киллэриигэ үс түһүмэхтээх үлэ барбыта. Куорат оптуобустарын сырыыларын бэрээдэктииргэ элбэх көлө наадата биллэр. Ол инниттэн, бастакынан, тиэхиньикэни саҥардыы үлэтин чэрчитинэн 2022 сылтан 120-тэн тахса саҥа көлөнү атыыластыбыт. Өссө 70 оптуобуһу атыылаһыахпыт. Иккиһинэн, куорат оптуобустарын хайысхаларын “көдьүүстээх, орто уонна мөлтөх” диэн көрүҥнэргэ арааран ырыппыппыт. Биллэн турар, куорат кытыытын эргин тиийиитигэр оптуобус кураанахсыйан хаалар. Ол ону учуоттаан оптуобус маршруттарын ханан табыгастааҕынан аттаран туруоран, үлэ саҥа көрүҥэр киирбиппит. Ол курдук, ЯПАП тэрилтэ хааччыйар оптуобустара соҕуруу хайысханан сылдьаллар. 5-с оптуобус маршрутугар икки улахан оптуобуһу киллэрэн биэрдибит. Өссө икки улахан оптуобуһу уустуктардаах хайысхалары үөрэтэн көрөн баран, эмиэ аттаран туруоруохпут.
Онон оптуобустар маршруттарын көннөрү санаабычча уларытыы буолбатаҕын, көлө сырыытын көдьүүстээхтик туһаныыга билигин да үөрэтии үлэтэ бара турарын бэлиэтиибин. Дьон этиитин истэ-билэ, ылына олоробут. Ол биһиэхэ, биллэн турар, үлэбитигэр туһалыыр. Сыыйа барыта оннун булан иһиэҕэ , — диэн сиһилии быһааран эттэ Евгений Григорьев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: