Саҥа дьыл үүнэр алыптаах кэмигэр киһи кэрэҕэ, үтүөҕэ талаһар, тулатын киэргэтиэн баҕарар. Дьокуускай куорат олохтоохторо баҕа өттүлэринэн уопсастыбаннай сирдэри — сылаас тохтобуллары киэргэтэллэр.
Ол курдук, 30 №-дээх орто оскуола оҕолоро «Новопортовская» тохтобулу Саҥа дьыллааҕы ырыалары ыллыы-ыллыы киэргэттилэр. Тохтобулга баар дьон бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, оҕолору хаартыскаҕа хатаатылар, видеоҕа түһэрдилэр.
Оттон 24-с №-дээх оскуола 8-с «а» уонна 6-с «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ «Ю.Гагарин аатынан искибиэр» диэн тохтобулу дьиэлэриттэн аҕалбыт оонньуурдарынан киэргэттилэр. Кыргыттар Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны элбэх киһиэхэ бэлэхтиир баҕалаахтара үөрдэр.
«Птицефабрика» оройуонугар баар сылаас тохтобулу Д.Ягодкин аатынан 19-с №-дээх оскуола оҕолоро олус бэркэ киэргэттилэр. Кинилэри социальнай педагог Саина Стручкова салайан илдьэ сырытта.
Бу оҕолор бары кэриэтэ күн аайы бу тохтобулларга сылдьаллар. Сылаас тохтобул баар буолан, кыһын абыранабыт диэн этэллэр. Оттон бырааһынньыктыы киэргэммит сиргэ сылдьар икки бүк үчүгэй буоллаҕа. Бырааһынньыктыы настарыанньаны кимиэхэ да сэлээннэммэккэ, бэйэлэрэ оҥостоллор.
«Автодорожнай» уокурук дьахтар сэбиэтин бэрэстэбиитэллэрэ Воинскай уулуссаҕа оптуобус тохтобулун киэргэттилэр. Бу туһунан ПРО автобус телеграм-ханаал иһитиннэрэр.
Ырыаҕа ылларыныы, биир мичээртэн сүүс мичээр саҕыллар. Биир үөрбүт-көппүт киһи бэртээхэй настарыанньатын тулалыыр дьонугар бэрсэр. Бу курдук үтүө санаа ситимэ илииттэн илиигэ бэриллэн, тарҕанан иһэр.
Олохтоохтор дьиэлэрин подъезтарын, оптуобус суоппардара оптуобустарын киэргэтэллэр, сорохтор Тымныы оҕонньор көстүүмүн кэтэн, оҕолору эҕэрдэлииллэр, кэмпиэттэри түҥэтэллэр. Бу курдук үтүө санаа, бырааһынньыктыы настарыанньа тарҕана турдун.
Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…
Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…
Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…
Ааһан эрэр ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…
“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи уорганын сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…